Бүлүү өрүһү туоруур муостаны бырайыактааһыҥҥа чинчийии үлэтэ саҕаланна. Эбийиэк «Бүлүү» А-331 федеральнай айан суолун 660 км ааһыахтаах, диэн «Бүлүү» суол управлениета СИА-ҕа иһитиннэрдэ.
Сотору кэминэн бэдэрээччит тэрилтэ геодезическай устуу оҥоруохтаах, муоста ааһар оройуонун геологиятын үөрэтиэхтээх, гидрологическай кэмнээһини ыытыахтаах. Ылыллыбыт түмүктэринэн муостаны уонна киирэр-тахсар суолларын бырайыактааһыҥҥа ылсан барыахтаах. Бырайыактааһыҥҥа Үөһээ Бүлүү оройуонун олохтоохторун интэриэстэрэ учуотанар диэн иһитиннэрдилэр.
Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин аннынан өрүһү туоруур муоста уһуна 1,7 км кэриҥэ, киирэр-тахсар суола — 20 км. (суол III техническай категориялаах). Тутуу саҕаланыыта 2021 сылга былааннанар. Бырыайыак бигэргэммитин, бэдэрээччит талыллыбытын кэннэ. Эбийиэк федеральнай үбүнэн оҥоһуллар. Муоста үлэҕэ киирдэҕинэ Дьокуускай — Ньурба хайысханан сылы эргиччи туох да хааччаҕа суох суол арыллар.
This post was published on 04.03.2020 10:32 10:32