Чочулар биир дойдулаахтара, Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии геройа Василий Давыдович Иванов 100 сылыгар анаан оҕолоро, сиэннэрэ дойдутугар сэргэ туруордулар.
Бойобуой Кыһыл Знамя уордьанын, «Бойобуой үтүөлэрин иһин», Европа дойдуларын киин куораттарын босхолооһун иһин мэтээллэр кавалердара, хорсун саллаат, разведчик, эйэлээх олоххо Улуу Өктөөп Революциятын уордьаннарынан наҕараадаламмыт, Мирнэй куорат Ытык олохтооҕо, САССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, элбэх оҕо аҕата, эһэтэ, хос эһэтэ дьоллоох олоҕу олорбут Василий Давыдович Иванов (1923 — 2011сс.) быйыл 100 сааһын бэлиэтиибит.
Кини Сталинграды көмүскээбитэ, Берлин истиэнэлэрин штурмалаабыта. Кини чааһа фюрер тус бэйэтин бункерын уонна Потсдамскай конференцияны харабыллаабыта. Василий Давыдович Сталиҥҥа уонна Жуковка чиэс биэрбитэ, Гитлер тиһэх чааһыгар диэри хорҕойбут Рейхстагар Кыһыл былаах тэлибирии кытыастарын көрбүтэ.
«Сэрииттэн хайаан да эргиллиэм, ийээ»,- диэбитэ, ол иһин бу оргуйар уоттан тыыннаах тахсыбыта. 2012 с. «Мин эргиллиэм, ийээ!» диэн кини ахтыыларынан 300 тиражтаах кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта.
Василий Давыдович 100 сылыгар анаан оҕолоро, сиэннэрэ дойдутугар сэргэ туруоран үйэтитэргэ
санаммыттара. Ол баҕа санаалара олоххо киирэн, бу күннэргэ сэргэни оҥоро Дьокуускайтан «Киэргэ» ювелирнай фирма дириэктэрэ, Дьокуускай куорат Бочуоттаах мецената Александр Кириллович Павлов кэлбитэ. Онон Чочулар Василий Давыдовиһынан киэн туттууларын туоһута, кэлбит ыалдьыттарга кэпсиир өйдөбүнньүк бэлиэ баар буолла.
Клавдия Николаева, Олох суола