Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Тупсарыы сылынан Сунтаар улууһун Бүлүүчээн нэһилиэгэр үлэ күөстүү оргуйар. Ыраас уу ситимин тардыы бастакы түһүмэҕэ саҕаланна.
Быйыл уу ыраастыыр станция тутуллуохтаах, эһиил ыалларынан уу ситимин турбалара тардыллыахтара. Бу үлэ түмүктэннэҕинэ бүлүүчэннэр кыһыннары-сайыннары ыраас уунан хааччыллыахтара. Маннык тыа сиригэр кыһыннары-сайыннары ыраас ууну сүүрдэр ситим Бүлүү сүнньүгэр бастакы буолар.
Үлэ сүрүн бэдэрээтчигинэн Уһун Күөлтэн «Тиит-строй» ХЭТ ылсан үлэлии сылдьар. Бу уу ситимин уопсай суумата 18 мөл. солк., онтон быйылгы үлэтигэр, уу ыраастыыр станцияны тутууга улуус 8 мөл. солк. көрбүт. Эһиилги үлэтигэр 10 мөл. солк. ОДьКХ министиэристибэ көрөрүгэр кэпсэтии үлэтэ барыахтаах.
Эдэр исписэлиистэргэ анаан 4 кыбартыыралаах, толору хааччыллыылаах дьиэ тутуллар. Быйыл бүтэн, эдэр үлэһиттэр саҥа дьиэҕэ киириэхтэрэ. Хаарбах дьиэлэри көтүрүүгэ Бүлүүчээн эдэр ыччата икки биригээдэнэн үлэлиир. Билиҥҥи туругунан 7 эргэ, иччитэх дьиэни көтүрбүтэр.
Нэһилиэк киин уулуссатын киэргэтии үлэтэ ыытыллыахтаах. Ууспуорду, чөл олоҕу пропагандалыыр, Бүлүүчээн нэһилиэгин чулуу дьонун, сэрии бэтэрээннэрин туһунан кэпсиир араас баннердар ыйаныахтара. Киирэр суолга, Агдары үрэҕэр туруохтаах аныгылыы оҥоһулуулаах аншлагы сакаастаабыттар.
This post was published on 02.08.2016 10:38 10:38