22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бүлүү бөлөх улуустарын олохтоохторун доруобуйатын чинчийэллэр

14:35, 27 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

ХИФУ Мэдиссиинискэй институтун бэрэпиэссэрдэрэ, преподавателлэрэ, килииникэ быраастара, ординатордара, аспираннара, 2019-2023 сылларга Бүлүү бөлөх улуустарын экологиятын туругун уонна нэһилиэнньэ доруобуйатын үөрэтэр сыаллаах, научнай-чинчийэр үлэлэрин саҕалаатылар.


Пандемиянан сибээстээн Марха уонна Бүлүү кытылларыгар сытар нэһилиэнньэлээх пууннары кытары үлэ балаҕан-алтынньы ыйдарга былааннанна. Бу кэмҥэ олохтоохтортон биохимичэскэй, генетическэй чинчийиилэргэ уонна биологическай эйгэ микроэлеменнэрин састаабын үөрэтэргэ матырыйааллары хомуйуохтара, анкета толотторуохтара. «Пандемияттан сылтаан, эспэдииссийэ болдьоҕун сыҕарытан биэрэргэ, мэдиссиинискэй  көрүүлэри ыытыы бэрээдэгин хос көрөргө күһэлиннибит. Ол гынан баран, үлэбитин былаан быһыытынан ыытарга эрэнэбит», – диэн научнай-чинчийэр үлэлэр салайааччылара, академик, мэдиссиинискэй наука дуоктара Пальмира Петрова иһитиннэрдэ.

ХИФУ Мэдиссиинискэй институтун нормальнай уонна патологическай физиологияҕа кафедратын бэрэпиэссэрэ, мэдиссиинискэй наука дуоктара Наталья Борисова коронавируһунан сибээстээн дьон мустара бобуулааҕынан, тэрээһин үлэтинэн дьарыктаналларын, улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктарын кытары кэмпириэнсийэ ыыталларын эттэ.

Биһиги Бүлүү уонна Марха өрүстэр ууларын иһэр нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторун сиһилии мэдиссиинискэй көрүү таһынан хааннарыттан, баттахтарыттан микроэлеменнарга анаалыстары ылыахпыт. Бу анаалыстар организмҥа тастан ыарахан матырыйааллар киирэллэрин-киирбэттэрин, онно мунньуллалларын-мунньуллубаттарын, кинилэр ситэ тиийбэттэрин эбэтэр нуорманы аһарыыларын организм төһө толуйарын быһаарарга көмөлөһүөхтэрэ.

Иммуннай систиэмэ туругун көрүөхпүт, генетическэй чинчийиилэри ыытыахпыт – биһигини окислительнай процесстарга эппиэттиир геннэр туруктара интэриэһиргэтэр. Онуоха биһиги искэни эмтиир өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансеры кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Тоҕо диэтэххэ, Бүлүү бөлөх улуустарын уонна уопсайынан өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ искэн ыарыыта тарҕанарыттан олус долгуйар. Биһиги көһө сылдьар биригээдэлэрбитигэр онколог-исписэлиистэр хайаан да бааллар”, –  диэтэ Наталья Борисова.

Чинчийии туһунан урут манна суруйан турабыт https://sakha.ysia.ru/b-l-b-l-h-uluustaryn-ekologicheskaj-turugun-chinchijii-sa-alanna/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА