Саха сирин Бүлүү бөлөх улуустара эниэргийэнэн бигэтик хааччыллыахтара. Маныаха анаммыт сөбүлэһиигэ Владивостокка буолан ааспыт илиҥҥи экономическай иккис форумҥа өрөспүүбүлүкэни сайыннарар корпорация, АЛРОСА уонна Уһук Илиннээҕи энергетическэй салайар компания илии баттаатылар.
«Накыыннааҕы баайдах сири электроэниэргийэнэн хааччыйыы маныаха сүрүн миэстэни ылар. Ити туһугар уот инфраструктурата оҥоһуллуоҕа. Оттон ол Ньурбаны уонна Бүлүү бөлөх атын улуустарын эниэргийэнэн бигэтик хааччыйыаҕа», — диэн СИА-ҕа алмаас монополиятын президенэ Андрей Жарков эттэ.
Форумҥа АЛРОСА уонна и Уһук Илиннээҕи энергетическэй салайар компания бииргэ үлэлиир туһунан икки докумуоҥҥа илии баттаатылар. Ити түмүгэр тарыып кыччыахтаах.
« Уһук Илиннээҕи энергетическэй салайар компания Уһук Илиҥҥэ бөдөҥ «Чернышевскай-Мирнэй-Ленскэй-Пеледуй» бырайыагы олоххо киллэрбитэ.
Электричество чэрчитэ дьон туһатыгар үлэлиэҕэ. Нэһилиэнньэ хаачыстыбалаах уонна бигэ эниэргийэнэн сөптөөх сыанаҕа хааччыллыаҕа. Сөбүлэһии улахан кэскиллээх, кылгас болдьох иһигэр олоххо киириэҕэ. Ити биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар үтүөтүк сабыдыаллыаҕа», — диэн салайар компания генеральнай дириэктэрин э.т. Дмитрий Селютин эттэ.
Дойду президенэ Владимир Путин Уһук Илиҥҥэ электроэниэргийэ иһин тарыыбы намтатар соругу туруорбута.
«Бүгүн интэриэстэр сөп түбэстилэр, үлэ чопчу уонна кэлим хайысхата быһаарылынна. Маннык «Транснефть» уонна «Газпром» тэрилтэлэрин кытта хардарыта дьайсыахпыт», — диэн Селютин эбэн эттэ.