Бүлүү бөлөх улуустарын экологическай туруктарын чинчийэр үлэ бастакы кэрдииһэ бүппүтүн туһунан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ихтиологтар итиэннэ биологтар Бүлүү өрүстэн уонна кини салааларыттан 150 уу үөһээ уонна 140 түгэх араҥаларын боруобаларын ылбыттар. Бүлүү, Иирэлээх, Аллараа Ботуобуйа, Марха уонна Түҥ өрүстэр тыынар тыыннаахтарын чинчийэ ылбыттар. Балыктарга биогеохимическай, гистологическай, паразитологическай чинчийиилэри оҥоруохтара.
Өрүстэр кытыыларыттан ол иһигэр промышленнай тэрилтэлэр аттыларыттан сир араҥатын (250-тан тахса) боруобатын ылтар. Уу хонор сирдэрин үүнээйилэрин, үөнүн-көйүүрүн үөрэппиттэр.
Бырайыак салайааччыта — хоту дойду прикладной экологиятын чинчийэр институт дириэктэрэ Григорий Саввинов үлэ бастакы кэрчигэ коронавирус дьаҥынан тардыллыбытын да үрдүнэн ситиһиилээхтик түмүктэммитин этэр. «Бөлөхтөр бары туруоруммут соруктарын ситтилэр. Василий Боескоров салайааччылаах Марха өрүһүгэр үлэлиир бөлөх 1500 км сири уунан уһунна. Бу уустук сырыы буолла. Атыттар эмиэ айылҕа араас усулуобуйатыгар үлэлээтилэр», — диэтэ дириэктэр.
«Билигин ылбыт боруобаларбытын анаалыстыыр кииннэргэ биэрээри бэлэмниибит. Эһиил сыл саҕаланыытыгар үлэбит түмүгүн Бүлүү бөлөх улуустарын нэһилиэнньэтигэр иһитиннэрэр санаалаахпыт», — диир Григорий Саввинов.
Чинчийии туһунан урут манна суруйан турабыт https://sakha.ysia.ru/b-l-b-l-h-uluustaryn-olohtoohtorun-doruobujatyn-chinchijeller/
https://sakha.ysia.ru/b-l-b-l-h-uluustaryn-ekologicheskaj-turugun-chinchijii-sa-alanna/
This post was published on 22.10.2020 17:01 17:01