Бүлүү бөлөх улуустарыгар итиэннэ Горнайга сотору кэминэн уу ыраастыыр ыстаансыйалары тутуохтара. Бу туһунан Ил Дархан бэҕэһээ Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө тэлэбиисэринэн быһа тахсыытын кэмигэр эттэ.
«Нэһилиэнньэни ыраас иһэр уунан хааччыйыыга үлэ барар. Хас эмэ улууска ууну ыраастыыр ыстаансыйалар үлэҕэ киирдилэр. Маныаха РФ ОДьКХ уларыта тутууга Пуондатын кытары биир ситимнээхтик үлэлииргэ олук уурулунна. Сотору кэминэн Саха сирин олохтооҕун 85% ыраас иһэр уунан хааччылларын ситиһиэхтээхпит», — диэтэ Айсен Николаев.
This post was published on 27.04.2021 11:01 11:01