Саха сиригэр Бүлүү эбэҕэ 2021-2024 сылларга балыгы үөскэтэр былааны оҥорор соруктаахтар. Ону сэргэ Анаабыр уонна Өлөөн оройуоннарыгар сир баайын туһаҕа таһаарар хампаанньалар суоттарыгар эмиэ итинник дьаһал ылыллыа, диэн Экология министиэристибэтэ СИА-ҕа эттэ.
Бүлүү, Анаабыр уонна Өлөөн ууларыгар балыгы үөскэтэр былаан оҥоһуллар.
«Барыта былаан быһыытынан түмүгү ылар туһуттан, кырата 15 000 устуука кыра балыгы сылын аайы биэс сыл тухары ууларга ыытыахпытын наада. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Денис Белозеров мунньахха 2021 — 2024 сылларга балыгы үөскэтиини салгыыр туһунан сорудах биэрдэ», — диир экология миниистирин солбуйааччы Яков Заровняев.
Балыгы үөскэтии бырайыага тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа муниципальнай бырагыраамаҕа олоҕуран ыытыллар.
Анаабыр ууларыгар балыгы үөскэтиигэ былаан Экология министиэристибэтинэн бэс ыйыгар ылыллыбытын туһунан Заровняев эттэ. Тосхол олохтоох дьаһалтаны, «ВНИРО» балык хаһаайыстыбатын федеральнай институтун, Рыболовство Ленскэй территориальнай управлениены кытта сөбүлэҥ ааспыт.
«Ити эрээри наука өттүттэн көрүү үлэтигэр хойутааһын таҕыста. Ол иһин бу хаалбыт кэми бигэргэммит былаанынан болдьоҕор ыытары этэбит«, — диэтэ миниистир солбуйааччыта.
Санатар эбит буоллахха, балыгы улахан ууларга үөскэтии туһунан Анаабыр улууһугар мунньах кэнниттэн Ил Дархан сорудаҕынан ыытыллар. Манна «Об экологическом благополучии Республики Саха (Якутия)» Ыйаах төрүөт буолар.
This post was published on 25.09.2019 16:29 16:29