«Бүлүү» айан суолугар баар устар муосталары көтүрдүлэр

Мииринэй оройуонугар «Бүлүү» федеральнай айан суолун 1151-с килэмиэтиригэр баар Оччугуй Ботуобуйа өрүһү туоруур муосталары көтүрдүлэр. Бу туһунан «Бүлүү» федеральнай суол салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Үөһээ Бүлүү уонна Ньурба улуустарын кыраныыссатыгар баар Түүкээн өрүһү туоруур устар муостаны көтүрүү үлэтэ алтынньы 12 күнүгэр былааннанар.

«Өрүс мууһа турар кэмиттэн, мууһунан суол сырыыта арыллыар диэри бу учаастактарга сырыы тохтуур», — диэн этиллэр.

2020 сыл төрдүс кыбаарталыгар бу учаастактарга саҥа муосталар тутуллан үлэҕэ киирэллэрэ былааннанар. Оччугуй Ботуобуйа өрүһү туоруур муоста 191 погоннай миэтэрэ уһуннаах буолуо, Түүкээн өрүһү туоруур муоста — 267 погоннай миэтэрэ диэн бэлиэтэнэр.

Саҥа муосталар үлэҕэ киирдэхтэринэ, бу учаастактарга кылгас кэмҥэ устар муосталары туруорууну суох оҥоруо уонна сырыы төгүрүк сыл устата баар буоларын хааччыйыа, диэн иһитиннэрэр http://nvk-online.ru

This post was published on 08.10.2019 15:26 15:26