Үбү-харчыны сатаан туттарга анал Кииҥҥэ үөрэтиэхтэрэ

Үбү-харчыны сатаан туттарга анал Кииҥҥэ үөрэтиэхтэрэ. Саха сиригэр бастакы үбү-харчыны сатаан тутта үөрэтэр киин 2021 сылга аһыллара былааннанар. Бу туһунан ТАСС Саха сиринээҕи үп министиэристибэтигэр сигэнэн суруйар.


Саҥа арыллар киин бастаан 15 тыһ киһини хабар былааннаах.

«Билиҥҥитэ үбү-харчыны табыгастаахтык туттарга өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас тэрээһиннэр бэйэ ыккардыларыгар ситимэ суохтар. Дьону хабыылара кэмчи. Мантан сылтаан нэһилиэнньэ улахан араҥата үбү-харчыны сатаан туттубат, атыы-эргиэн, өҥө эйгэтигэр көмүскэлэ суох», — дииллэр үп министиэристибэтигэр.

Билигин Кииҥҥэ үлэлиэхтээх сүүстэн тахса учуутал анал үөрэҕи ааста. Кинилэргэ 26 эксперт-консультант, волонтердар көмөлөһүөхтэрэ.

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/pervyj-v-yakutii-tsentr-finansovoj-gramotnosti-planiruyut-sozdat-v-2021-godu/

This post was published on 04.11.2020 11:01 11:01