АЛРОСА хампаанньа экологияҕа киинэ тэрийбит куонкуруһун түмүктүүр чааһыгар алта оҕо кыттыаҕа. Бастыҥ олоҥхоһут, норуот үҥкүүтүн уонна ырыатын толорооччулар киирсиэхтэрэ. Тохсунньу 24 күнүгэр Мииринэйгэ буолбут гала-кэнсиэр кэнниттэн үс муҥутуур кыайыылааҕы быһаарыахтара.
«Өбүгэ тыла» — төрүт олохтоох норуоттар тылларыгар анаммыт Норуоттар икки ардыларынааҕы сылга АЛРОСА АХ экологияҕа киинэ тэрийбит 7 — 18 саастаахтарга көрүү-куонкуруһа буолар.
Ааспыт сыл устата, өрөспүүбүлүкэтээҕи биэдэмистибэлэр уонна Ил Түмэн кэмитиэттэрин бэрэстэбиитэллэрэ киирэр, тутулуга суох хамыыһыйа Саха сирин эдэр талааннарын айар толорууларын хас да түһүмэҕинэн сыаналаабыта.
Үҥкүү, ырыа, муусука уонна хоһоон: хас биирдии толорооччу хотугу норуоттар олохторугар уонна үгэскэ кубулуйбут тутулугар сыһыары тутан айар үлэтин көрдөрбүтэ.
Барыта 33 нэһилиэнньэлээх пуунтан 16 оройуонтан 250 сайаапка киирбитэ. Кинилэртэн алмаастаан провинция киинигэр буолар кэнсиэркэ алта кыттааччы эрэ киирдэ.
Мииринэйгхэ буолар гала-кэнсиэркэ Үөһээ Бүлүүттэн «Дьулусхан» хоһоонньуттар бөлөхтөрө, Мииринэйтэн «ТАЛАНТиЯ» үҥкүү кэлэктиибин «Кустук» сахалыы үҥкүү норуодунай ансаамбыла, Сунтаартан «Дорҕоон» ырыа ансаамбыла, Мииринэйтэн 9 саастаах ырыаһыт Эрхаан Сафронов уонна хоһоонньут-дуэт Александр Архиповскай уонна Кервин Надык.
АЛРОСА Саха сирин төрүт олохтоохторугар куруук көмөлөһөр, кинилэр олохторун историятын сыаннастарын харыстыырга, национальнай култуураларын сайыннарарга кыттар. Национальнай бырааһынньыктары ыытыынан эрэ муҥурдаммат, табаһыттар, балыксыттар родовой общиналарын өйүүр, идэлэргэ үөрэтэр, үлэнэн хааччыйар, онон күннээҕи олохторо туруктаах буоларыгар кыһаллар. Маннык дьаһаныыга «Өбүгэ тыла» куонкуруһу тэрийии эмиэ сүрүн оруоллаах.
«Саха сирэ — дойду саамай улахан региона эрэ буолбатах, манна элбэх омук түмсүүлээн олорор: сахалар, нууччалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, татаардар, долганнар уонна да атыттар. Элбэх омугу култууралара, төрүттэрэ, үгэстэрэ, айылҕалыын алтыһар абыычайдара уонна, биллэн турар, тыллара сомоҕолуур. 2019 сыл төрүт норуоттар тылларын Норуоттар икки ардыларынааҕы сылларынан биллэриллибитэ. Сайдыыга биһигини түмэр историябытын умнуо суохтаахпыт. «Өбүгэ тыла» куонкурус сыалынан норуот быһыытынан сайдыыбытыгар өйү-санааны, кыаҕы-күүһү харыстааһын буолар. Бэйэ-бэйэни убаастаһы, оҕону, ыччаты норуот айар үлэтигэр сыһыарыы буолар», — диэн СИА-ҕа АЛРОСА кылаабынай эколога Полина Анисимова кэпсээтэ.
Тохсунньу 24 күнүгэр финалистар бары «Алмаас» култуура дыбарыаһыгар дьүүллүүр сүбэ иннигэр тахсыаҕа. Бу күн кыайыылаахтары эҕэрдэлиэхтэрэ, гала-кэнсиэр буолуоҕа.
This post was published on 20.01.2020 18:02 18:02