Бэс ыйын 1 күнүттэн СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтинэн оҕолорго анаан федеральнайдааҕы, регионнааҕы, муниципалитет таһымыгар бэлэмнэниллибит эбии үөрэхтээһин бырагыраамалара саҕаланар. Куруһуоктар, маастар-кылаастар, семинардар, дьарыктар ыытыллыахтара, СИА-ҕа биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Босхо үөрэтэр бырагыраамалар элбэх оҕону, кинилэр интэриэстэринэн хабан үлэлиир былааннаахтар.
«Пандемия кэмигэр бары дьиэҕэ олорон, оҕолорбут сынньалаҥнарын сөпкө тэрийиэхтээхпит. Бүгүҥҥүттэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн босхо үөрэтэр бырагыраамалар саҕаланнылар. Хайысха барыта баар – музыка, спорт, наука, аныгы технологиялар уонна да атыттар. Хас биирдии оҕо бэйэтин интэриэһинэн дьарыгын булуоҕа. Мөлтөх интернет-сибээстээх оройуоттарга оҕону дьарыктыырга атын ньымалар толкуйданнылар. Онон оҕолорбут араас куруһуоктарга дьиэлэригэр олорон эрэ дьарыктаныахтара», — диэтилэр министиэристибэҕэ.
Интерактивнай бырагыраамалар чэрчилэринэн оҕолор английскай эбэтэр китайскай тыллары «носителлэри» кытта үөрэтиэхтэрэ, биирдиилээн уонна хамаанданан квизтарга оонньуохтара, викториналарга кыттыахтара, саха эстрадатын сулустарын кытта ырыаҕа уһуйуллуохтара уо.д.а.
Дьарыктар барыта босхо уонна баҕа өттүнэн.
Бырагыраамалар тустарынан манна билсиҥ 8(914)282-30-32 (Өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин «Юные якутяне», http://www.sakhaedu.ru).
This post was published on 01.06.2020 11:02 11:02