Бүгүҥҥүттэн Дьокуускай - Аллараа Бэстээх муус суолга техника уйуга кыччаата

Хаартыска: ЯСИА саайта

Өлүөнэ эбэҕэ Дьокуускай — Аллара Бэстээх, Бүлүү өрүскэ Үөһээ Бүлүү, Күндээдэ, Сунтаар уонна Кириэстээх сэлиэнньэлэринэн, маны сэргэ Алдан эбэнэн хааччахтааһын киирдэ.

Федеральнайдааҕы трассалары таһынан, муус устар 15 күнүттэн регион суолларыгар баар муус суоллар сабыллыахтара: Хатас — Павловскай, Кангаласс — Суотту уонна Жатай — Төхтүр хайысхаларынан, итиэннэ Амма улууһугар уонна Уус Майа оройуонугар.

Онон, муус устар 15 күнүттэн кыһыҥҥы суоллар уонна муус суоллар киин улуустарга сабыллаллар. Хотугу улуустарга суоллары сабыы муус устар 20 — 25 күннэригэр буолуоҕа.

This post was published on 10.04.2025 10:08 10:08