Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан сыттык олбохтоох суудуналарынан айан иһин төлөбүр 3000 солк диэри улаатта. Дьаһал бүгүҥҥүттэн саҕаланна, ол туһунан ЯСИА-ҕа «ЛенаВодСервис» хампаанньа салайааччыта Борис Строев эттэ.
«Өрүскэ балаһыанньа ыараан иһэр. Муус халҕаһата чугаһаата. Ыам ыйын 14 — 15 күннэригэр муус хамсыа бу туһаайыынан, уу таһымныыр. Биһиги үлэлиибит, ити эрээри быйыл суол олох куһаҕан — подушкалар алдьаныылара тахса турар. Өрөмүөннүүргэ саппаас бүтэн эрэр, собуоттан үрдьү сакаастыыбыт, күүтэбит уонна өрөмүөннүүбүт. Дьону тиэйэр-таһар үлэ тохтоло суох баран иһиэхтээх. Сотору муус кэлиэ, өссө ыарахан буолуоҕа, аэроботтары таһаарыахпыт», — диэтэ кини.
Суудуналар быйыл Дьокуускай өттүттэн «Намыв» ыстаансыйаттан сылдьаллар, 204 микрооройуонтан.
This post was published on 13.05.2024 12:23 12:23