Бэҕэһээҥи күҥҥэ диэри Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан 12 паром үлэлээтэ, ол иһигэр үс таһаҕаһы тиэйиигэ. Бүгүҥҥүттэн, алтынньы 22 күнүттэн, паром ахсаана аҕыйаата, ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.
Тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, айаны хааччахтааһын халлаан туругуттан тутулуктаах, салгын орто температурата тымныйда, муус туруута саҕаланна, уу таһыма уларыйда.
Бэҕэһээ «В. Рукавишников» теплоход бу маршрутка бүтэһик сырыытын оҥордо.
Амма, Алдан, Бүлүү өрүстэринэн, Өлүөнэҕэ Кангалас — Суотту уонна Хачыкаат — Мохсоҕоллоох хайысхаларынан паром сырыыта тохтотуллубута.
This post was published on 22.10.2024 10:01 10:01