Оҕолору арыаллааччылар (бэйэлэрин үөрэнэр оскуолаларыттан биир учуутал буолар) киирсэн оҕолору атаараллар, салгыы иһирдьэ киирэллэрэ көҥүллэммэт. Оҕолор соннорун ыйаан баран уопсай испииһэккэ бэлиэтэнэллэр. Сорох оҕолор илиилэригэр пааспардарын сэргэ, курдары көстөр бакыакка уу, хаҕыттан ороммут сакалаат көстөр.
Химия – талар биридимиэт, нуучча тылын, математика курдук булгуччулаах буолбатах. Онон талар оҕо олус элбэҕэ суох. Бүгүн манна – гимназия уораҕайыгар Дьокуускай куорат 22 оскуолатыттан килиэхтээхтэр.
Үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова: “Бүгүҥҥүттэн биир кэлим эксээмэн саҕаланар, 124 эксээмэн пууну арыйабыт. Барыта 1483 оскуоланы бүтэрээччи кыттыаҕа, химия, география, литэрэтиирэ биридимиэттэригэр эксэмээни туттараллар.
Сарсыардааҥҥы кэтээн көрүү көрдөрбүтүнэн, эксээмэн ыытар пууннар бэлэмнэр.
Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит улуустарга – Өлүөхүмэҕэ, Намҥа өрөспүүбүлүкэ салалтата тиийэ сылдьыбыта. Ол түмүгүнэн сыаналаммытынан, эксээмэннэр эрэсиим быһыытынан ыытыллыахтара. Өлүөхүмэ улууһугар ууга барбыт нэһилиэктэн биир оҕо эксээмэн туттарар, эксээмэн ыытар пууна атын сиргэ баар буолан, бэҕэһээ I Нөөрүктээйиттэн Өлүөхүмэ куоракка номнуо барбыта, бүгүн эксээмэни онно туттарыаҕа.
Нам улууһугар ууга ылларбыт оскуолалар бааллар. Ол эрээри, эксээмэн ыытар пууҥҥа биир оҕо туттарыахтааҕын, эрэсиэрбэ күнүгэр туттарыаҕа”, — диэн этэр.
Быйыл биир кэлим эксээмэҥҥэ улахан уларыйыы суох. Дойду бэрэсидьиэнин сорудаҕынан, эксээмэннэрин түмүгүн тупсарыан баҕалаах оҕолор биир биридимиэти хаттаан туттарарга сайабылыанньа суруйуохтарын сөп. Хаттаан туттарыы күннэрэ – от ыйын 4 уонна 5 күннэрэ.
Оҕолор оскуолаларынан тус-туспа чөмөхтөһөн олороллор. “Айыы Кыһатын” үөрэнээччитэ Айтал Попов: “Химия интэриэһинэй биридимиэт, үөрэтэргэ үчүгэй уонна олохпун мэдиссиинэни кытта ситимниэхпин баҕарабын. Онон химия, биология биридимиэттэрэ булгуччу ирдэнэллэр. Стоматологияны ордук сэҥээрэбин. Ханнык үөрэх кыһатыгар туттарсарбын билигин чопчу билбэппин, баалбыттан көрүөм” – диэн этэр.
Эмиэ бу кыһа үөрэнээччитэ Регина Малых: “Чугас дьоммор быраастар суохтар. Ол иһин кыра эрдэхпиттэн быраас буолуохпун баҕарар этим. Саха сиригэр үөрэнэр былааннаахпын. Барыта этэҥҥэ ааһыа диэн эрэнэбин”, — диэн санаатын үллэстэр.
Тоҕус чаастан оҕолорго иһитиннэрии оҥорон, номнуо аудиторияларынан киллэрэн бараллар. Аудитория таһынааҕы эксээмэни тэрийээччилэр илиилэригэр хостор нүөмэрдэрэ ыйынньыктаах кэлэн, оҕолору аудиторияларын булларан биэрэллэр. Ол быыһыгар: “Атын-атын аудиторияларга түбэспиппит эбит дии”, – дэһэр кыргыттар саҥалара иһиллэллэр.
203-с аудиторияҕа биир да иллэҥ миэстэ суох, ол аата эксээмэн туттарааччылар оннуларын булан олорбуттар. Түгэх аудиторияттан эксээмэни ыытааччы тахсан турар: “Биир оҕом кэлэ илик” – диир, ону кэтэһэн турар эбит. Аудитория иһигэр иккилии эксээмэни ыытааччы баар. Былааҥкалары хайдах толоруллары дуоскаҕа эрдэттэн суруйбуттар, хас аудитория аайы чаһы көстөр, улахан саҥа-иҥэ иһиллибэт. Дьон киирбэт-тахсыбат ааннарыгар, көрүдүөрдэргэ барытыгар: “Прохода нет!” – диэн суруктаах.
Көрүдүөргэ үс сиринэн аудитория таһыттан эксээмэн хаамыытын кэтээн көрөөччүлэр олороллор.
Тоҕус аҥаарга эксээмэн тутар пууҥҥа биир даҕаны туора киһи суох буолуохтаах диэн сэрэтиллибитин быһыытынан, уон мүнүүтэ хаалбытын кэннэ, оҕолор ситиһиилээхтик туттардаллар ханнык диэн баҕа санаалаах таҥнан тахсабын.
This post was published on 23.05.2024 15:01 15:01