Бүгүн Тымныы оҕуһун моонньоох баһа быстар

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Сахаларга кулун тутар 7 күнүгэр тымныы оҕуһун моонньоох баһа быстар диэн өйдөбүл баар. Ол аата саас кэлиитэ биллэр, халлаан сылыйарга барар, суруйда Саха сирэ саайт.

Кулун тутар 7 күнүгэр моонньоох баһа быстар. Халлаан тыалырар. Хаҕыс күннэр тураллар. Кулун тутар 19 күнүгэр – оҕус көхсө тостон, салгын сылыйан барар.

Гаврил Угаров этэринэн, Тымныы оҕуһа моонньоох баһа быстыбат, өлбөт, Хотугу муустаах байҕалга түһэр уонна онно сайылаан, күүс-уох мунньунан баран кыһын төннөн кэлэр.

Биллэрин курдук, барыта 12-лии күнүнэн быысаһан сааспыт кэлэр. Сылаас күннэргэ дылы хаалбыт  48 күҥҥэ сылаастык таҥнын, Тымныы оҕуһа өссө да “күүстээх”.

This post was published on 07.03.2024 09:31 09:31