Бүгүн атырдьах ыйын 24 күнүгэр Токиоҕа VI сайыҥҥы Паралимпийскай оонньуулар саҕаланнылар. Оонньуулар балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри барыахтара. Бу туһунан СИА «Спорт Якутии» сигэнэн суруйар.
Уопсайа 22 көрүҥҥэ 539 кэмпилиэк наҕараада оонньонуо. Бастакытын бадминтон уонна тхэквондо көрүҥнэрэ Паралимпиада бырагырамаатыгар киириэхтэрэ.
Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар 241 спортсмен (129 эр киһи, 112 дьахтар) 50 эрэгийиэнтэн киирдилэр. Кинилэр спорт 19 көрүҥэр киирсиэхтэрэ.
Паралимпиада аһыллыыта бу киэһэ олохтоох бириэмэнэн 20.00 ч. буолуо. Тэлэбиисэргэ «Матч ТВ» ханаал быһа көрдөрүө.
Санатабыт, Токиотааҕы Паралимпийскай оонньууларга Саха сирин спортсменнара Анастасия Диодорова (ууга харбааһыҥҥа), Степанида Артахинова (оҕунан ытыыга) уонна Алена Дмитриева (олорон эрэ волейболга) кыттыахтара.
This post was published on 24.08.2021 15:02 15:02