22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бүгүн сыспай сиэллээҕи сырыырҕатар хоһуун үлэһит дьон күнэ

Хаартыска: Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сыспай сиэллээҕи сырыырҕатар ытык-мааны сылгыһыттары, сылгыны үөрдээн иитиигэ үлэлэһэр бары үлэһиттэри, ытык-мааны бэтэрээннэри, сылгы куттаах өрөспүүбүлүкэ ​ дьонун-сэргэтин Сылгыһыт күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!​ ​

Саха дьоно былыр-былыргыттан Дьөһөгөй айыы оҕотугар сүгүрүйэн, миинэр миҥэ, көлүнэр көлө, эрэллээх доҕор оҥостон баччаҕа диэри үйэлэри уҥуордаан кэллэхпит.
Саас кэлиитэ – сылгыны үөрдээн иитээччигэ үөрүүлээх да, эппиэтинэстээх да кэм. Кулун тутар – аата да этэринии, кулун төрүүр кэмэ, төрүөҕү ааҕар, сыллааҕы үлэ түмүгүн таһаарар дириҥ суолталаах кэм.

​Саха ата – өрөспүүбүлүкэ баайа, киэн туттуута. Өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна бырабыыталыстыбата сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыыга улахан болҕомтону уураллар. Ол курдук 2016 с. Ил Дархан Егор Борисов таһаарбыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыы дьаһалларын туһунан» ыйааҕар «Сылгыны үөрдээн иитии туһунан» сокуоҥҥа уларытыы киирэн, сылгы базатын тутуу, племенной ыччат сылгыны иитии, сылгыһыттар үөрэнэр кииннэрин тэрийии, ыраах учаастактары туһаҕа таһаарыы, сылгы бородууксуйатын тиэйии-таһыы, мэччирэҥтэн көрөн сылгы ахсаанын былааннааһын уо.д.а. дьаһаллара бэлиэтэммиттэрэ.

Маны сэргэ бу ыйаахха сылгы уонна сылгыһыт, саха норуотун дьылҕатыгар уһулуччу суолтатын бэлиэтээн, кулун тутар 21 күнүн Сылгыһыт күнүнэн биллэриллибитэ.
Сыспай сиэллээҕи элбэтии, хаачыстыбатын тупсарыы, сылгыттан ылыллар бородууксуйаны үксэтии, барыстаахтык үлэлиир сыал-сорук билигин да уҕараабат. Маныаха бу сорудахтар Ил Дархан Айсен Николаев “Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларын туһунан” Ыйааҕар торумнаммыттара. Күн бүгүн бары киэптээх хаһаайыстыбаларга 180 тыһ кэриҥэ төбө кыстыгы туораан эрэр. Сылгы ахсаанынан Саха сирэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка эрэ буолбакка, РФ атын субъектарын ортотугар эмиэ бастакы миэстэҕэ сылдьар. Инникитин ахсаан түһүүтүн салгыы таһаарбат, төттөрүтүн үксэтэр, бородууксуйа бэлэмин улаатыннарар туһугар бары күүспүтүн түмэн, саханы саха дэппит төрүт дьарыкпытын туруктаах, кыахтаах оҥорууга үлэлэһиэҕиҥ, сүбэбитин холбуоҕуҥ диэн ыҥырабыт!

Томороон тымныыттан, өҥүрүҥ куйаастан толлубакка, сыралаах, сындылҕаннаах, ыарахан үлэҕэ сылдьар тулуурдаах, хорсун сылгыһыттарбытыгар үлэҕит иһин барҕа махталбын тиэрдэбин. Эһиги киэҥ-холку майгыгытынан, мындыр өйгүтүнэн-санааҕытынан дьон-сэргэ ытыктабылын, киэн туттуутун, махталын ылаҕыт. Эһиэхэ чэгиэн, бөҕө туругу, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну баҕарабын! Сыралаах үлэҕит үтүө түмүктээх эрэ буоллун!
Саха сылгыта тэнийэ, тыабыт сирэ сайда турдун!

Бары үтүөнү кытта, Тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА