Ый “өлөрө” диэн – Сир күлүгэр киирэн, халлааҥҥа баар эрээри, көстүбэт буолан хаалар. Онтон күлүктэн тахсарыгар кытархай өҥнөнөр, ону “хаан өһөх” (кровавая) Ый диэн ааттыыллар. Итинник чаас курдук кытаран баран, сырдыаҕа.
“Суперлуние” диэн – Ый сылга биирдэ Сиргэ муҥутаан чугаһыыр кэмэ (384 400 килэмиэтиртэн 357 993 килэмиэтиргэ диэри). Онно киһи уу хараҕынан көрөрүгэр, Ый иэнэ 8% улаатан кэлэр уонна сырдыыр. Маннык чугаһыыр кэмин астрономнар «перигей», ыраатарын — «апогей» диэн ааттыыллар. Ону бу хартыыҥкаттан көрүөххэ сөп.
Биир ыйга Ый иккитэ туолара эмиэ сэдэх көстүү. Оттон биир кэмҥэ ый туолара, сиргэ муҥутуур чугаһааһына уонна Сир күлүгэр киириитэ – олус сэдэх көстүү.
Бу күн Ый Арассыыйа бары регионнарыгар, сүрүннээн илин уонна хоту өттүгэр үчүгэйдик көстүөҕэ. Буолар кэмэ – тохсунньу 31 күнүгэр киэһэ 7 аҥартан түүн 12 чааска диэри (Дьокуускай бириэмэтинэн). Туман мэһэйдээбэтэҕинэ, көрүөххэ сөп.
Бу маннык сэдэх көстүү бүтэһигин илиҥҥи полушариеҕа 1982 сыл ахынньы 30 күнүгэр, арҕааҥы полушариеҕа 1866 сыл кулун тутар 31 күнүгэр буолбута.
Астрологтар сэрэтэллэр
Ол эрээри, астрономнар телескоптарын бэлэмниир кэмнэригэр, астрологтар маннык Ыйы көрбөккүтүгэр сүбэлииллэр. Тоҕо диэтэр, Ый ураты күүһүрэр кэмэ эбит. Бэйэтин күүһүнэн оннооҕор акыйааннары хамсатар. Оттон киһи 70% ууттан турар буолан, Ый дьайыытыгар, магнитнай тардыытыгар эмиэ бэринэр. Онон уйулҕата оонньоон ылыан, санаата түһүөн-тахсыан, дабылыанньата тахсыан сөп. Күн-дьыл туругуттан тутулуктаах дьон сэрэниэхтэрин наада.
Ону тэҥэ маннык Ыйы өр көрдөххө, ыарыылар көбүөхтэрин, араас быһылааннары ыҥыран ылыаххын сөп үһү. Ол иһин суолталаах дьыалаларгын былааннаабакка, саҥаны саҕалаабакка, кими да кытта этиспэккэ-охсуспакка, чуумпуран сылдьа сатыахтааххын. Бу – ыраастаныы, бэйэни иһиллэнии, бырастыы гынарга көрдөһүү, духуобунай байыы кэмэ. Ыраастанан баран, баҕа санааҕын эттэххинэ, туолуо диэн астрологтар эрэннэрэллэр.