Бүгүн сорох сиринэн -10-15°С кыраадыс буолуоҕа

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Бүгүн, сэтинньи 29 күнүгэр,  Анаабыр, Булуҥ оройуоннарыгар тыаллаах күн туруоҕа.

Мииринэйгэ уонна Ленскэйгэ арҕааттан, хотугулуу-арҕааттан   15-18 м. түргэннээх тыал түһүөҕэ.

Өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс  өттүгэр хаар түһүөҕэ, суруйда Саха сирэ саайт.

Салгын температурата күнүс  сорох сиринэн  -20-25°С,  арҕаа  -20-25°С, соҕуруулуу-арҕаа  -10-15°С кыраадыс буолуоҕа.

This post was published on 29.11.2024 10:03 10:03