Бүгүн сорох оройуоттарга +32 кыраадыс куйаас

Хаартыска: ЯСИА саайта

Бүгүн, от ыйын 29 күнүгэр, куйаас күн хотугулуу-илин оройуоттарга биллэр. Күнүс +27… +32 кыраадыс, суруйар УГМС.

Киин улуустарга +20… +25, хоту, хотугулуу-илин — +15… +20 кыраадыс.

Дьокуускайга эмиэ сылаас — күнүс +23… +25 кыраадыс. Түүн быстах ардыаҕа.

Быстах ардах Горнайга, Уус Майаҕа, Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Кэбээйигэ түһүөҕэ.

Этиҥ түһэр кэмигэр Эдьигээҥҥэ, Эбээн-Бытантайга, Дьааҥыга, Томпоҕо тыала 15–20 м/с буолуоҕа.

This post was published on 29.07.2025 08:23 08:23