Балаҕан ыйын 14 күнэ православнай таҥара итэҕэлинэн, Семеон столпник, сахалыы эттэххэ, Сэмэнэп таҥара күнэ. От үлэтэ сүрүннээн бүтэн, ыаллар кыдама сууйуута диэн алаадьы буһаран сииллэр. Сайылыктан кыстыкка көһүү саҕаланар.
Бу күнтэн балаҕан ыйын 25 күнүгэр диэри кэм күһүн үгэнэ дэнэр. Айылҕа алтан көмүс аалыытынан симэнэр, кураанах кус маассабайдык төннөр. Халлаан сайыҥҥылыы сылаанньыйар, ону “дьахтар быттанар кэмэ” дииллэр. Ол аата улахан түбүктэрэ бүтэн, ыаллар кыстыкка бэлэмнэнэн, дьиэлэрин-уоттарын өрө тардыналлар, сууйаллар-сотоллор, хотоннорун сыбыыллар.
21-стэн сырдык уонна хараҥа тэҥнэһэр, түүн баһыйан барар, онон күн-дьыл хонугунан ааҕыллар буолар. Былыргынан эттэххэ, эргэ дьыл саҕаланар.
Балаҕан ыйын 26 күнүттэн алтынньы 5 күнүгэр диэри кэми ыкса күһүн, салгыы алтынньы 22 күнүгэр диэри кыһыары күһүн дэнэр.
Ый билгэлэрэ:
- Күтэр, кутуйах, дьабарааскы уйаларын элбэх оту мунньан, халыҥата тутуннахтарына, тымныы кыһын буолар.
- Күтэр ууттан тэйиччи уонна үрдүк сиргэ тибэр буоллаҕына, сааскыта уулаах дьыл буолар.
- Куобах эрдэ маҥхайдаҕына, хаар эрдэлиир.
- Күһүн ынахтар маҥыраһа-маҥыраһа хаамыстахтарына, хаар сотору түһэр.
- Тиит мас көтөҕөтүн ытырбытынан күһээтэҕинэ, хаҕыс дьыл кэлэр.
- Тиит көтөҕөтүн эрдэ түһэрдэҕинэ, өҥ дьыл кэлэр.
This post was published on 14.09.2023 10:49 10:49