Бүгүн Саха сирин киин өттүгэр -2 кыраадыс буолара күүтүллэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирин үгүс улуустарыгар олунньу 25 күнүгэр хаардаах былыттаах күн-дьыл, оттон регион киинигэр -2 кыраадыска диэри сылыйыа. Ол туһунан  УГМС иһитиннэрдэ.

Орто күүрүүлээх хаар киин, соҕуруу, Бүлүү бөлөх улуустарыгар, ону тэҥэ Мииринэйгэ миэстэлэринэн түһүөҕэ.

Күнүс регион киинигэр -2…-7, соҕуруу — -16…-21, хотугулуу-арҕаа, арҕаа уонна соҕуруулуу-арҕаа — -20…-25, хотугулуу-илин — -25…-30 күүтүллэр.

Тыал Анаабыр уонна Булуҥ оройуоннарын илин өттүгэр 15-17 м/с диэри күүһүрүөҕэ. Күүстээх тыал Эдьигээн уонна Кэбээйи оройуоннарыгар күүтүллэр.

Дьокуускайга күнүс -5…-7 кыраадыс, 8-13 м/с диэри тыал тыаллаах буолуоҕа.

This post was published on 25.02.2026 08:01 08:01