Бүгүн Саха сирин баһылыга Аллайыаха оройуонугар үлэлиир

Бүгүн, оптуорунньукка Саха сирин баһылыга Аллайыаха оройуонугар үлэлиир.

Айсен Николаев Чокурдах бөһүөлэгэр оскуола тутуутун хаамыытын бэрэбиэркэлиэҕэ, Ойоотуҥҥа дьиэ кэргэн-аймах хаһаайыстыбаларын эбийиэктэригэр сылдьыаҕа ПК КРО «Аллайыаха» балыгы переработкалыыр модульнай сыах аһыллыытыгар кыттыыны ылыаҕа.

Маны тэҥэ, регион баһылыга оройуоҥҥа тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы боппуруостарыгар сүбэ мунньаҕы ыытыаҕа.

This post was published on 26.07.2022 13:15 13:15