Саха сиринээҕи УГМС билгэлээһининэн, бэнидиэнньиккэ, сэтинньи 17 күнүгэр, Саха сирин арҕаа уонна соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр күүстээх хаар, буурҕа күүтүллэр. Соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу хайысхан аллараа Өлүөнэнэн 15-20 м/с диэри тыал, Булуҥ оройуонугар күүһүрэр кэмигэр 22 м/с тыал тиийиэҕэ.
Киин оройуоннарга уонна Халыма үрдүнэн сорох сирдэринэн синоптиктар кыра хаары сабаҕалыыллар.
Түүн салгын температурата киин оройуоннарга -30… -35° буолла, чуолкайдааһыҥҥа -34… -39°, хотугулуу-илин намыһах сирдэригэр -40… -45°, соҕуруу -24… -29°, хотугулуу-арҕаа -17… -22°, соҕуруулуу-арҕаа -12… -17°. Күнүс кииҥҥэ -23 … -28°, хотугулуу-илин намыһах сирдэринэн -31… -36°, соҕуруу -13… -18°, хотугулуу-арҕаа -5… -10°, арҕаа -1 … -6°.
Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, күн бүтүүтүгэр кыра хаар, соҕуруулуу-илин тыала 2-5 м/с.Түүн температура -32… -34°, күнүс -25… -27°.
This post was published on 17.11.2025 08:10 08:10