Тохсунньу 11 күнүттэн 14 күнүгэр диэри киэһэ 21 ч «Саха» НКИХ суруналыыстара Саха сириттэн Лондоҥҥа тиийиэхтээх айанньыттар тустарынан документальнай киинэлэрэ көстүөҕэ. Бу туһунан edersaas.ru суруйар.
Биэриини режиссер Радомир Томскай уонна оператор Александр Слепцов бэлэмнээтилэр. «Дугуйдаан Винокуров аҕатынаан, Өймөкөөн улууһун аатырбыт сылгыһыта Семен Винокуровы кытта Англия уола Никита Грецини саха атын айааһыырга, аһатарга, көрөргө-истэргэ үөрэттилэр. Бу айан научнай соруга суох. Икки омук айанньыта 15 тыһ. км түөрт саха атынан айаннаан тиийэллэрин көрдөрүөхтэрэ, иһитиннэриэхтэрэ», — диэн кэпсиир режиссёр Радомир Томскай.
Оттон ыраах айаҥҥа сылдьарга үөрэхтээх, Дьааҥы хоһуун уола, уопуттаах, талааннаах оператор Александр Слепцов -58 кыраадыс тымныыга маннык уустук устуу аан бастаан ыытыллыбытын бэлиэтиир. «Бытархай тымныыга устар тиэхиньикэбит барыта тоҥон хаалан эрэйдиэх курдук буолта. Онон аһаҕас халлааҥҥа, чысхаан тымныыга устууга улаханнык үөрүйэхтэнэн кэллибит», — диэн санаатын үллэстэр «Саха» НКИХ оператора.
Бэрт сэргэх, интэриэһинэй биэрии киэһэ 21 чаастан буолуоҕа. Оттон «Саха сирэ» чэппиэрдээҕи бастакы ньүөмэригэр Дугуйдаан Винокуровы кытта бу айан туһунан кэпсэтиини ааҕыаххыт.
This post was published on 11.01.2021 15:01 15:01