Бүгүн – саамай уһун күн. Туох суолталааҕый? Хайыыбыт?

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Бүгүн, бэс ыйын 21 күнүгэр, сылга саамай уһун күн. Бу күн 19 чаас 46 мүнүүтэ устата салҕанар.  Бу күн сырдык муҥутаан уһуур, Айыылар сиргэ чугаһыыллар, Куйаар аана аһыллар, Сиргэ эниэргийэ, өбүгэлэрбит этэллэринэн, үрүҥ илгэ түһэр. Бу күнү омугуттан тутулуга суох, аан дойду дьоно бары билинэллэр, сиэри-туому ыыталлар, Күнтэн күүс ылаллар. Ону кытта Саха сиригэр бу күн Ыһыах күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн туох суолталааҕый? Тугу гынабыт? Хайыыбыт?

Туох суолталааҕый?

Сахалар бэйэлэрин «арҕаһыттан тэһииннээх, көхсүтүттэн көнтөстөөх күн улууһун оҕолоробут» диэн ааттаналлара, Күҥҥэ үҥэллэрэ, сүгүрүйэллэрэ. Күн баар буолан, Олох баар! Күн күүһэ сүр нөҥүө тыынар тыыннаахха бэриллэр. Ол эбэтэр, күн эниэргийэтэ үүнээйигэ бэриллибитин хамсыыр харамайдар сиэн, тыыннарын уһаталлар.

Өбүгэлэрбит Күн Сиргэ муҥутаан чугаһыыр кэмин мүлчү туппакка, ыһыах ыһан, алгыс этэн, Куйаар күүһүн иҥэринэллэрэ. Судургутук өйдөөтөххө, алгысчыт тыл күлүүһүн туһанан, Куйаар эйгэтигэр тахсан, Айыыларга быһа тиийэн, көрдөһөр, кинилэр алгыстарын түһэрэр эбит.

Бу күн саамай кистэлэҥ баҕа санаалары таайтарыахха, олоҕу уларытарга, ыал буоларга саҥа хардыылары оҥоруохха сөп. Итэҕэл быһыытынан бу күн ылыммыт баҕа санаан барыта сыл бүтүүтэ туолуохтаах. Өбүгэлэрбит итэҕэллэринэн,  Күн Сиргэ дьону көмүскүүр уонна хас биирдии киһи чэчирии сайдарын туһугар ыраас эниэргийэни көтүтэр. Бэс ыйын 20-23 күннэригэр – Күн сардаҥатын саамай күүстээх кэмэ. Бу аптаах кэм. Хас биирдии киһи бэйэтин олоҕор дьайар түгэнигэр ис кыаҕын, өйүн-санаатын толору туһанарыгар төһүү күүс-көмө буолар.

Хаартыска: СИА

Бу күнү хайдах көрсөбүт?

Ыһыахха сылдьан, ыраастанан, алгыһы ылынан, оһуохайдаан, сахалыы аһы аһаан, хомустаан, күнү көрсөн күүс ылыахха сөп. Оттон ыһыах буолбат буоллаҕына, дьиэҕэ да көрсүөххэ сөп. Бүгүн — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр өрөбүл күн мээнэҕэ биллэриллибэтэҕэ.

Бастатан туран, ыраастаныы. Дьиэҕитин-уоккутун кылбаччы сууйан баран, буруо, сыт-сымар таһааран, боҕуруоскай отунан, кытыанынан, ол суох буоллаҕына, араҕас чүмэчинэн ыраастааҥ. Алаадьыта буһарыҥ. Сыл устата мунньуллубут куһаҕаны барытын, хом санааны, о.д.а. ыытан кэбиһэр, ыраастанар туһалаах. Холобур, былыргы нууччалар уотунан ыраастаналлар — Купала бырааһынньыгар кутаа уот үрдүнэн ыстаналлар. Суунуу-тарааныы, баанньыкка сылдьыы хаһааҥҥытааҕар да ыраастыыр.

Ыстакааҥҥа ыраас уу кутан баран, күн тахсар бастакы сардаҥаларыгар тоһуйа уураҕыт. Хас да чаас уу күн көрөр сиригэр турар. Онтон махтал тылларын ботугураан баран, иһэн кэбиһэҕит. Күн күүһүнэн иитиллибит уу ыраастыыр, эниэргийэ биэрэр.

Хайаан да айылҕаҕа сылдьан, оту-маһы кытта кэпсэтиҥ, сиргэ сытан күөх халлааны көрүҥ, атах сыгынньах сүүрүҥ, маһы кууһан туран, айыылартан көрдөһүҥ. Айылҕалыын сибээскитин бөҕөргөтүҥ. Бу күн от-мас күүһэ муҥутаан улаатар дииллэр.

Күөл, өрүс аттыгар сылдьан ыраастаныахха сөп. Сирэйи, илиини суунан, кыаллар буоллаҕына, сөтүөлээн. Санааҕа баттаппыт киһи сүүрүктээх уу аттыгар олорон, хом санаатын барытын саҥаран таһааран, ууну кытта ыытан кэбиһиэн сөп.

Араҕас таастаах (янтарь, цитрин, сердолик) кыһыл көмүс киэргэли күн уотунан иитиллибит харысхал оҥостуохха сөп. Туустаах ууга сытыара түһэн баран, кырааннаах ууга сууйан, ыраастыыбыт. Онтон күнү көрсөр кэмҥэ күн бастакы сардаҥаларыгар көрдөрөн баран, ытыспыт иһигэр ууран, ботугураан көрдөһөбүт: «Күн күүһүнэн уонна баҕа санаам күүһүнэн бу харысхалы ситиһиигэ, уйгуга-быйаҥҥа ииттэрэбин» уонна биир баҕа санааны этэбит. Харысхалы хас да чаас күҥҥэ сытыарабыт.

Хаартыска: СИА

Бу күн туох бобуулааҕый?

  • Кырыктаах санаа, ордугурҕаһыы, бэрт былдьаһыы уонна да атн атын куһаҕан санааттан куотунуҥ. Санаарҕаамаҥ, санааҕытыҥ түһэримэҥ. Бу барыта эн инники дьылҕаҕар дьайар.
  • Арыгы иһимэҥ.
  • Бу күнү соҕотоҕун атаарар сатаммат.
  • Сэрэбэйдиир табыллыбат.

Бу түүн хайаан да күнү көрсүҥ, үҥэ-сүктэ сүгүрүйүҥ, кини күүһүн иҥэриниҥ! Аны аҕыйах күнүнэн, сырдык кээрэнэн, күммүт кылгаан барыаҕа.

Источник: Саха сирэ саайт

This post was published on 21.06.2024 11:04 11:04