Бүгүн Россия наукатын күнэ бэлиэтэнэр. Сургуулуктар учуонайдарынан киэн тутталларын кэпсииллэр

Хаартыска: РНА саайта

Олунньу 8 күнэ — Арассыыйаҕа наука күнэ. Үөһээ Бүлүү улууһугар уһук хоту сытар Сургуулук нэһилиэгиттэн 11 наука доктора уонна кандидата үүнэн — үөскээн тахсыбыттарынан киэн туттабыт, диэн суруйда Үөһээ Бүлүү хаһыат.

Күн бүгүн кинилэр оҕолоро, үүнэр көлүөнэ наукаҕа чыпчаалларын дабайаллар. «Сургуулуктан сыдьааннаах эдэр көлүөнэ учуонайдар элбии тураллар», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.

Саха норуота киэн туттар үгүс учуонайдаах Сургуулук нэһилиэгэ — өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох диэн кэпсээтилэр.

This post was published on 08.02.2024 15:01 15:01