Бүгүн кулун тутар 6 күнүгэр өрөспуубүлүкэ үгүс оройуоннарыгар хаардыаҕа диэн Саха сиринээҕи УГМС сулууспата сылыктыыр.
Регион соҕуруулуу-илинигэр кыра хаар түһүөҕэ. Арҕаа уонна Арктика оройуоннарыгар тыал 9-14 м/с тиийэ күүһүрүрэ күүтүллэр.
Өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар түүнүн салгын температурата -13-18°С, дьэҥкэрдэҕинэ -23-28°С, арҕаа оройуоннарга -24-29°С, хотугулуу- арҕаа уонна хотугулуу-илин -34-39°С, Өймөкөөҥҥө уонна Халымаҕа -40-45°с.
Күнүс киин оройуоннарга салгын температурата-10-15°С, соҕуруу -4-9°С, хотугулуу-арҕаа уонна хотугулуу- илин-20-25°С, намыһах сиргэ -30-35°с.