Олоххо көхтөөх көрүүлээх, ыраас иһин туруулаһааччы Антон Васильев ыҥырыытынан бүгүн Норуот субуотунньуга тэриллэр.
Дьокуускай куорат 1 №-дээх орто оскуолата ыҥырыыны ылынан, сарсыардаттан оскуола территориятыгар 6 «б» кылаас уолаттара, кыргыттара субуотунньукка туруннулар. «Биһиги сылын аайы оскуолабыт таһын хомуйабыт. Оҕолор үөрэ-көтө тахсаллар. Бу чөл олох биир көрүҥэ дии саныыбыт», — диэн санаатын үллэстэр социальнай педагог Луиза Колодезникова.
Оҕолор эмиэ үөрэ-көтө, кэпсэтэ-ипсэтэ үлэлээтилэр. Кинилэри Антон Васильев хайҕаата.
Улуустарга эмиэ ыраастаныы саҕаламмыта ыраатта. Тэрилтэлэр бэйэлэрин эрэ территорияларын буолбакка, өрүс, күөл кытылларын, стадионнары, паркалары кыһыны быһа мунньуллубут сыыстан-бөхтөн ыраастаатылар.
Кэбээйигэ эбэлэрин тулатын хомуйдулар. «Уопсайа субуотунньук күүһүнэн алта массыына бөх куруустанна», — диэн иһитиннэрдэ улуус хаһыатын кылаабынай редактора Виктор Эверстов.
This post was published on 29.04.2016 11:52 11:52