Россияҕа Моруос Оҕонньор төрөөбүт күнүн сэтинньи 18 күнүгэр бэлиэтииллэр. Улуу Устюгка, кини күн сирин көрбүт сиригэр, үгэскэ кубулуйбут бырааһынньык тэриллэр.
Моруос Оҕонньор персонаһа славянскай мифологияттан кэлбит. Тымныыны ыҥырар маҥан бытыктаах оҕонньор өс хоһоонноругар, остуоруйаларга көстөр. Кинини оччолорго «Студенец», «Трескунец» диэн ааттыыллара.
Литератураҕа аан бастаан Владимир Одоевскай «Мороз Иванович» диэн остуоруйатыгар ахтыллар. Холуодьастааҕы саарыстыбаҕа олорор, хаар тэллэҕин анныгар сааһы тутан сытар, оҕолору сөбүлүүр. Илиитигэр талааннаах үлэһит Кыыска үрүҥ көмүс бэлэхтиир, онтон Сүрэҕэ суох кыыска сотору кэминэн ууллан тохтор кыһыл көмүһү хадаҕалыыр.
Ол саҕана Моруос Ороһооспону да, Саҥа дьылы да кытта сибээһэ суоҕа. Моруос Оҕонньор саҥа уобараһа XIX үйэҕэ биллэн барбыта. Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн олох да кини туһунан саҥарбат буолбуттара.
Моруос Оҕонньор оҕолорго 1937 сыллаахха Сойуустар дьиэлэрин Дьуолкатыгар кэлбитэ. Үүнэр көлүөнэ кинини наһаа сөбүлээбитэ, сырдыгы, ырааһы, кэрэни, дьоллоох кэми кытта тэҥниир буолбута.
1999 сыллаахха Улуу Устюгу Моруос Оҕонньор ийэ дойдутунан ааттаабыттара. Сылын аайы бырааһынньык тэриллэр буолбута. Быйыл сэтинньи 16 — 18 күннэригэр квестар, театрализованнай көрдөрүүлэр, спортивнай күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара, диэн суруйар «Парламентская газета».
This post was published on 18.11.2019 11:58 11:58