Бүгүн кыра хаар, буурҕа уонна -50 кыраадыс

Хаартыска: ЯСИА саайта

Бүгүн Саха сиригэр арҕаа уонна соҕуруулуу-илин кыра хаар күүтүллэр, өрөспүүбүлүкэ атын территориятыгар хаара суох. Ол туһунан УГМС иһитиннэрэр.

Тыал орто. Арҕаа өттүгэр тыал күүһүрэр кэмигэр  9-14 м/с диэри тиийиэҕэ, кыраһалыыр. Нерюнгрига, Анаабыр уонна Булуҥ оройуоннарын кытылыгар сорох сирдэринэн тыал күүһүрэр кэмигэр 15-20 м/с, буурҕа түһүөн сөп.

Күнүс -30…-35°, арҕаа -25…-30°, сорох сирдэринэн -16…-21°диэри сылыйыа.

Дьокуускайга үксүн хаар суох, сарсыарда туманнаах. Арҕааттан тыаллаах, 1-4 м/с. Күнүс — -31…-33°.

This post was published on 06.02.2026 08:03 08:03