«Советчане» диэн саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ балаҕан ыйын 29 күнүгэр буолла. Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн араас таһымнаахтык тэрээһиннэр бэлиэтэнэллэр. Ону сэргэ Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 390 сылынан элбэх былааннаах үлэлэр бардылар. Дойдуга үйэтитиигэ анаммыт дьаһаллар буола тураллар.
— Биһиги киинэ эйгэтин үлэһиттэрэ СӨ киинэтин бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэллэ П.Н.Лепчикова салайыытынан араас тэрээһиҥҥэ кытынныбыт. Ол курдук, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ культуратын уонна искусствотын буочуоттаах үлэһитэ, Бүлүү улууһун буочуоттаах олохтооҕо, ССРС кинематографиятын туйгуна РСФСР профтехүөрэхтээһинин туйгуна, РФ бочуоттаах кинематографиһа, СӨ бочуоттаах ветерана Томский Виссарион Андреевич 85 саастаах ытык сааһын бэлиэтээтибит. Итини сэргэ биир идэлээхпит СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Россия бочуоттаах кинематографиһа, 1997-2002 сс СӨ бырабыыталыстыбатын иһинэн кинематография комитетын бэрэссэдээтэлэ Готовцев Иннокентий Иннокентьевич “Олоҕум суола” диэн кинигэтин киэҥ араҥаҕа таһаарда. “Орто Дойду” уус-уран этнографическай киинин директора Алексеева Антонина Саввична 30 сыл анараа өттүгэр бу киинэни аан бастаан күөх экраҥҥа тахсарыгар үлэтин режиссер Алексей Романовтыын саҕалаабыттарыгар анаммыт уонна онно үлэлээбит дьону кытта көрсүһүү тэриллибитэ. Аны бүгүн “СОВЕТЧАНЕ” кинигэни сүрэхтээтибит, — диэн кэпсээтэ И.С.Жараев аатынан СӨ норуоттарын аудиовизуальнай киин экспертизаҕа уонна киинэ докумуоннарын түмүүгэ отдел методиһа Марина Винокурова.
Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Манна араас кэмҥэ Калининградскпй уобалас Советск куорат кинотехникумугар үөрэммит дьон ахтыылара киирдэ. Олоҕун бүтүннүү Саха сирин киинэтэ сайдарыгар анаабыт СӨ кинематографиятын сойууһун “ДЬӨҺӨГӨЙ” бириэмийэ лауреата, “БАРҔАРЫЫ” фонда стипендиата, киинэ ветерана Томскай Виссарион Андреевич кинигэ оҥоруутугар тыл көтөхпүтэ.
И.С.Жараев аатынан СӨ норуоттарын аудиовизуальнай киин иһинэн киинэ музейа общественнай хамсааһын чэрчитинэн тэриллибитэ. Манна Саха сирин киинэтин сайдыытын туоһулуур хаартыскалар, ахтыыллар, экспонаттар бааллар.
Кинигэни оҥорон таһаарыыга улахан оруолу Советскайдааҕы кинотехникум выпускниктара ыллылар. Киномеханиктар училищеларын (СПТУ-7) преподавателя, СӨ культуратын туйгуна, киинэ ветерана, 1980 сыллаах кинотехникум выпускнига, Сивцева Мария Гаврильевна, музей үлэһитэ Винокурова Марина Софроновна, Россия буочуоттах кинематографиһа, СӨ культуратын туйгуна, СӨ буочуоттаах ветерана, Бүлүү куорат сайдыытын иһин бэлиэ, Бүлүү улууһун култууратын сайдыытыгар үтүөтүн иһин бэлиэ хаһаайына Михайлова Надежда Романовна, Нам улууһун ытыктабыллаах киһитэ, Модут нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна, киинэ ветерана Попова Вера Дмитриевна.
“Көмүөл” кинигэ кыһатыгар 80 экземпляр тирааһынан бэчээттэнэн таҕыста, 191 страницалаах, 350 хаартыскалаах, 100-н тахса ыстатыйалаах. Редактор быһыытынан сүбэ-ама буолан үлэлээбит киһибит Борис Иванович Павлов буолар. Компьютерга таҥыы уонна дизайн өттүгэр эдэр опыттаах Ирина Михайловна Захарова үлэлэстэ.
— Ахтыы суруйбут киһи дьиэ кэргэнэ харчынан көмөлөспүттэрин бэлиэтиибит. Киинэ ветераннарын оҕолоро Ядрихинскай Юрий Иванович уола Дмитрий Юрьевич Нам улууһуттан, Иванова Екатерина Андреевна оҕолоро Наталья, Дмитрий, Андрей куораттан, Томскай Виссарион Андреевич оҕолоро, Степан Иванович Москвитин салайааччылаах И.С.Жараев аатынан аудиовизувальнай киин коллектива тирэх буоллулар. Кылгас кэм иһигэр бэрт дириҥ историяны суруйууга көмөлөспүт дьоммутугар махтанабыт», — диэн Марина Софроновна махтанна.
This post was published on 29.09.2022 17:24 17:24