Бүгүн киэһэ 6 чааска Владимир Путин Анал этиитин иһитиннэриэҕэ

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн, кулун тутар 1 күнүгэр, Федеральнай Мунньахха Анал этиитин иһитиннэриэҕэ. Кини быйыл 12-с төгүлүн Анал этиитин оҥорор. Быйылгы этиитэ атыттартан туох уратылаах буолуоҕай?


Урукку сылларга бэрэсидьиэн Анал этиитин ахсынньыга оҥорор буоллаҕына, быйыл ити үгэһиттэн туораата. Ону таһынан, үгэс курдук тэрээһин Кириэмил Георгиевскай саалатыгар ыытыллар буоллаҕына, быйыл Владимир Путин аан бастакытын Улахан Манежтан иһитиннэриэҕэ. “Быйыл Анал этии кэмигэр инфографикалар туһаныллыахтара. Ону көрдөрөргө улахан экраннар наадалар. Георгиевскай саалаҕа итинник оборудование кыайан турбат”, — диэн бэлиэтиир бэрэсидьиэн пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков.

Дмитрий Сергеевич Анал этии ис хоһоонун туһунан этэригэр, Владимир Путин ааспыт сылы ырытыыта, инники былаана быыбарга кыттар бырагырааматын кытары хатыһыаҕын, урукку курдук биир сыллаах үлэни эрэ буолбакка, алта сылы барытын ылан ырытыаҕын туһунан иһитиннэрбитэ.

Экспертэр эрдэ бэрэсидьиэн быйылгы Анал этиитигэр “ыам ыйынааҕы ­ыйаахтар” курдук саҥа этиилэр киириэхтэрин сөп диэн бэлиэтээбиттэрэ. Санатан эттэххэ, 2012 сыллаахха Владимир Путин социальнай боппуруостарга хас да ыйааҕы тэҥинэн таһаарбыта. Билигин ити докумуоннар дьоҥҥо-сэргэҕэ “ыам ыйынааҕы ыйаахтар” диэнинэн биллэллэр. Биир сүрүн ыйааҕынан хамнаһы үрдэтии этэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр итиннэ түһүмэҕинэн үлэ баран, билигин бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара лаппа үрдээтэ.

Владимир Путин бу иннинээҕи, 2016 сыллааҕы Анал этиитигэр доруобуйа харыстабылыгар, олохтоох оҥорон таһаарыыга, социальнай эбийиэктэри тутууга, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа сүрүн болҕомтотун уурбута. Чуолаан, тыа хаһаайыстыбатыгар эрэгийиэннэргэ өссө көҥүлү биэрбитэ, кэпэрээссийэлэри өйөөһүҥҥэ хас да этиини киллэрбитэ. Ол чэрчитинэн, былырыын биһиэхэ кэпэрээссийэ боппуруоһугар Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаах улахан мунньах буолбута. Онно РФ тыатын хаһаайыстыбатын Тыа сирин сайдыытын департаменын дириэктэрэ Владимир Свеженец: “Саха Өрөспүүбүлүкэтэ кэпэрээссийэни тэрийиигэ олус үчүгэй уопуттаах. Ону сэргэ, бу ньыманы туһанан тыа хаһаайыстыбатын сайыннараргыт таһынан, нэһилиэнньэлээх пууннаргыт инфраструктураларын оҥороҕут. Ити эмиэ Россияҕа тарҕатар үтүө уопуккут”, — диэн бэлиэтээн турар.

Үөрэххэ, култуураҕа сыһыаран бэрэсидьиэн оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн дойдуга тапталы иҥэриэххэ наадатын бэлиэтээн туран, мусуойдар сайдыахтаахтарын, хаарбах оскуолалары саҥардыы барыахтааҕын, оскуолаларга технопааркалары тэрийиэххэ наадатын эппитэ. Санатан эттэххэ, былырыын биһиэхэ “Россия – мин историям” диэн улахан историческай паарка арыллыбыта. Дьокуускайга “Кванториум” оҕо технопаарката үлэтин саҕалаабыта.

This post was published on 01.03.2018 09:12 09:12