21 Ахсынньы 21.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

Бүгүн Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнэ

12:32, 13 февраля
Текст:
Хаартыска: СИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэ! Саха тыла үүнэ, сайда, чэчирии турдун!
Куйаар ситимэ биһиги олохпутугар балысханнык киирэн эбитэ дуу, кэлиҥҥи кэмңэ кистэл буолбатах, тыа сиригэр нуучча тылынан саңарар оҕо элбээтэ. Хайдах гынан оҕолорбутун төрөөбүт тылларынан саҥардабыт диэн элбэх эдэр төрөппүт толкуйдаан ылар буолуохтаах. Баҕар туһалыам дуу, диэн тэттик сүбэлэрбин ыытабын», — диэн суруйда Хаҥалас улууһун Хоточчу бибилэтиэкэрэ Лира Яндреева.

Хоточчулар киэн туттар бэйиэттэрэ Ылдьаа Хоточчу хоһоонун сыһыары тутабыт.

Саха тыла

Сылаас тыыннаах сахам тылын уох кыыма
Сылдьыа куруук соҕуоруйан өспөккө,
Кэхтии диэни билиэ суоҕа хаһан да,
Көмүс иэйии тыла тыллыа өрөөбөккө.

Кэрэ Лена дэлэй уута эрилийэн
Кыһыннары тохтообокко сундулуйар,
Үгүс үйэ хаарын уйан килбэчийэн
Үрдүк чыпчаал очуос хайа улуутуйар.

Оннук курдук ийэ тылым сүмэһинэ
Олох устун бииргэ хаамыс, хаалыма,
Оннук эрэ эн күүһүҥ уоҕа, тыына
Очуос таастыы үйэлэргэ күүрүөҕэ!

Эн баарыҥ тухары баар буолуох
Эрэл кыыма биһигини арыаллыаҕа,
Кэлэр кэскил кэрэтигэр дьулуһуох
Көҥүл санаа холобура буолуоҕа.

Ылдьаа Хоточчу.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА