Бүгүн үгүс улуустарга ардах уонна тоҥоруу түһэрэ күүтүллэр

Хаартыска: ЯСИА

Атырдьах ыйын 26 күнүгэр Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан, хотугулуу-илин, соҕуруу кыралаан ардах түһэрэ сабаҕаланар.

Саха сиринээҕи Гидрометкиин үлэһиттэрэ Саха сирин киин, Өлүөнэ өрүс алын улуустарынан, хотугулуу-илин, Арктика оройуоннарынан сөкүүндэҕэ 15 миэтэрэ түргэннээх күүстээх тыал түһэрин билгэлииллэр. Сорох сиринэн Томпоҕо, Усуйаанаҕа, Эдьигээҥҥэ уонна Дьааҥы өрүс кытылынан 11 мм уонна онтон элбэх кээмэйдээх күүстээх ардах түһүөҕэ.

Салгын температурата түүн киин улуустарынан +8… +13°С, хоту, хотугулуу-илин +3… +8°С, соҕуруулуу-арҕаа -2… +3°С, тоҥорор. Күнүс салгын температурата киин оройуоннарынан +18… +23°С, хотугулуу-илин, хотугулуу-арҕаа +11… +16°С, Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан +6… +11°С кыраадыс сылаас.

Дьокуускайга салгын температурата түүн +10+12°С, күнүс +19+21°С кыраадыс сылаас. Быстах ардыыр, арҕааттан сөкүүндэҕэ 3-8 м түргэннээх тыаллаах, сорох кэмигэр сөкүүндэҕэ 8-13 м күүстээх тыал түһүө.

Саха сирэ

This post was published on 26.08.2024 09:29 09:29