Бүгүн, атырдьах ыйын 4 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар этиҥнээх ардах түһэрэ, +31 кыраадыс куйаас буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр, суруйда Саха сирэ саайт.
Халыма-Индигиир улуустарыгар ардыаҕа, киин, соҕуруу, соҕуруулуу-илин улуустарга сорох сирдэринэн ардыаҕа, этиҥнээх ардах түһүөҕэ диэн суруйаллар.
Күнүс салгын температурата + 20+25°С, киин, соҕуруулуу-арҕаа +26+31°С, хотугулуу-илин ардах түстэҕинэ +15+20 °С буолуоҕа, хотугулуу-арҕаа +10+15°С, өрүс кытылынан +3+8°С.
This post was published on 04.08.2025 08:10 08:10