Бүгүн Дьокуускайга уонна кэккэ оройуоннарга күүстээх тыалы сылыктыыллар

Фото: Мария Васильева/ЯСИА

Бүгүн, муус устар 24 күнүгэр, Кэбээйи, Горнай, Хаҥалас, Нам оройуоннарыгар уонна Дьокуускай тула 15-18 миэтэрэҕэ диэри күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр. Күн-дьыл табыгаһа суох көстүүтүн туһунан Саха сиринээҕи УГМС сэрэтэр.

Өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу өттүгэр кыралаан хаардыаҕа, хотугулуу-илин сорох сиринэн инчэҕэй хаар түһүөҕэ.

Киин оройуоннарга түүнүн салгын температурата -3-8°С буолуоҕа, күнүһүн +4+9°С диэри сылыйыаҕа. Хотугулуу-арҕаа өттүгэр тымныы турар: түүнүн-17-22°С, күнүһүн -5-10°С.

Дьокуускайга бүгүн бэнидиэнньиккэ түүнүн -4- 6°С, күнүһүн  +3+5°С буолара күүтүллэр.

This post was published on 24.04.2023 11:01 11:01