Тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев, Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Корякин, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, киин куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ, куорат Думатын депутаттара, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ, ыччаттар, Дьокуускай олохтоохторо уонна ыалдьыттара кыттыыны ыллылар.
Виктор Губарев үөрүүлээх миитини аһарыгар 73 сыл анараа өттүгэр, 1943 сыл олунньу 2 күнүгэр, Сталинград анныгар 200 түүннээх-күн салҕанан барбыт кыргыһыы улуу полководецтар И.В. Сталин, Н. Ф. Ватутин, А.И. Еременко, К.К. Рокоссовскай салалталарынан сэбиэскэй норуот уонна сэбилэниилээх күүстэр өстөөҕү үлтүрүтүүлэринэн түмүктэммитин бэлиэтээн туран, сэриинэн ииригирээччилэр история уруогун умнубаттарыгар эттэ.
Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Соловьев Сталинградтааҕы кыргыһыыга кыайыы аан дойду историятыгар уһулуччу суолтатын ыйда.
СӨ байыаннай хамыһаара Николай Тряпша эһэлэр, хос эһэлэр хорсун быһыылара үүнэр көлүөнэҕэ холобур буоларын бэлиэтээтэ.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Пётр Кириллович Конкин ыччат дьоҥҥо туһаайан Сталинградтааҕы кыргыһыы геройдарын албан ааттаах үгэстэрин салгыылларыгар ыҥырда.
Ыччаттар ааттарыттан тыл эппит Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуона Мария Архипова эһээлэрбит, хос эһээлэрбит геройдуу быһыыларын хаһан да умнуохпут суоҕа диэн эрэннэрдэ.
Үөрүүлээх тэрээһин герой-куорат Сталинград кэриэстэбил билитэтигэр тыыннаах сибэккилэри ууруунан түмүктэннэ.
Ил Түмэн пресс-сулууспата