Онно Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай, СӨ ыччат дьыалатыгар, дьиэ кэргэн политикатыгар миниистирэ Афанасий Владимиров, «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук баһылыгын солбуйааччы Евдокия Евсикова, бэтэрээннэр куораттааҕы сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Михаил Попов, сэрии, үлэ, Сэбилэниилээх Күүстэр, быраабы араҥаччылыыр уорганнар бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Вильям Иванов, Саха сирин норуодунай депутаттара, СӨ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, Дьокуускай куорат Думатын депутаттара, ыччаттар, уопсастыбаннас, киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара кыттыыны ыллылар.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай киһи аймах, аан дойду иккис сэриитин историятыгар маннык күннэр аҕыйахтара буолуо, куорат мөлүйүөнтэн тахса олохтооҕо өлбүтэ, ол эрэн Ленинград бэриммэтэҕэ диэн бэлиэтээтэ. «Бүгүн ол ыарахан күннэргэ өлбүттэри уонна өлүүлүүн туруулаһан тыыннаах хаалбыттары кэриэстиибит. Кинилэр ааттара үйэлэргэ умнуллубатын!», — диэтэ.
Бэтэрээннэр куораттааҕы сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Михаил Попов: «Мин Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа буоларбынан, сэрии сылларыгар буолбут бары кыргыһыылары билэбин. Ленинград дьылҕатын туһугар бары ыалдьарбыт, кыаллырынан көмөлөһөргө кыһалларбыт, өйдүүн-санаалыын куорат көмүскээччилэрин кытта бииргэ этибит».
Үөрүүлээх тэрээһин герой-куорат Ленинград өйдөбүнньүк билиитэтигэр сибэккилэри ууруунан түмүктэннэ.
This post was published on 27.01.2016 16:16 16:16