ССРС үтүөлээх тренерэ Дмитрий Коркин тыыннаҕа буоллар, бүгүн, балаҕан ыйын 5 күнүгэр 88 сааһын туолуох этэ.
40 сыл аннараа өттүгэр кини иитэн-такайан таһаарбыт тустууктара Павел Пинигин Олимпиада чөмпүйүөнэ үрдүк ааты, Роман Дмитриев уонна Александр Иванов Олимпиада үрүҥ көмүс мэтээллэрин ылбыттара. Бу бэлиэ түгэн Саха сирин историятыгар бигэтик киирбитэ. Өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ Дмитрий Коркины ХХ-с үйэ чулуу тренеринэн ааттаабыта.
Кини иннинэ да, кэннинэ да биллиилээх тренер ситиһиитигэр тэҥнэспит диэн суох. Дмитрий Коркин Сэбиэскэй сойуус спордун үтүөлээх түөрт маастарын, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах 13 маастары, ССРС спордун 175 маастарын иитэн, дьарыктаан таһаарбыта. Спортсмен киһи быһыытынан ситэригэр-хоторугар Дмитрий Коркин ураты улахан болҕомтотун уурара. Кини иитиитин иһинэн ааспыт 448 уолаттартан 265-һэ үрдүк үөрэхтэммиттэрэ, 20 киһи Саха сиригэр, 3 Россияҕа, Украинаҕа үтүөлээх үлэһиттэр уонна тренердэр буола ситэн силигилээбиттэрэ.
Спорт үтүөлээх маастара, Олимпиада чөмпүйүөнэ Александр Иваницкай хаһан эрэ маннык диэн турардаах: «Дмитрий Петрович Коркин өрө тахсыылаах үлэтинэн дьон-сэргэ сөҕүүтүн-махтайыытын ылыан ылбыта. Норуот үгэһигэр сүтэ быһыытыйбыт интэриэһи сөргүппүтэ, онтон тирэнэн аныгы спортка суолу солообут, далаһа уурбут киһи буолар. Ити түмүгэр Чурапчы улахан спортка кыттыспыта. 10-тан биир тренер кини курдуга эбитэ буоллар, утарсааччыларбытын барыларын, ол иһигэр омук дойдуларын спортсменнарын кэннибитигэр хааллартыах этибит».
Билигин кини оскуола-интэрнээтин оннугар физическэй култуура уонна спорт института, өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо-ыччат спортивнай оскуола-интэрнээтэ үлэлииллэр. Чурапчы биир уулуссата Дмитрий Петрович Коркин аатын сүгэр.
Балаҕан ыйын бүтүүтэ кини эрчийэн-такайан таһаарбыт Мельбурн Олимпиадатыгар ситиһиилэммит дьон аатарынан сүрэхтэммит «Триумф» спортвнай комплекска көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир ыытыллар. Бүгүҥҥү туругунан быйылгы тохсус күрэхтэһиигэ 22 дойду кыттарын туһунан биллэрдэ.
This post was published on 05.09.2016 14:08 14:08