“Союз-2” ракета тобоҕун үлтүркэйин көрдүүр сыаллаах экспедиция Бүлүү куораттан сарсыарда 9 ч. 45 мүн. көтүүнү саҕалаабыта.
Бэҕэһээ быһаарыллыбыт фотосъемка түмүгүнэн, биир чаастан ордук көтөн, Арҕаа Хорҕоччуматтан 1.5 км сиргэ тобох фрагмена сытарын үөһэттэн көрдүбүт. Онон 11 ч. 20 м. онно түстүбүт.
Фрагмент сытар сирэ мастаах буолан, вертолет тэйиччи 350 м ыраах тохтоото. Онон сотону аһарар хаары оймоон, сатыы тиийэн үлтүркэйи буллубут.
Фрагмент түспүт сирэ Бүлүү улууһун 2-с Күүлэт нэһилиэгиттэн 94 км ыраах.
Булумньуну радиацияны бэлиэтиир дозиметрынан кээмэйдээтилэр, онно 0,11 микрозиверт час көрдөрөн, нуормаҕа эппиэттиир диэн буолла. Онон радиация суоҕа бэлиэтэннэ.
Бастакы рейс кэнниттэн иккис рейс киэһэ 4 чаас саҕана көттө. Экологтар эбии пробаны ылыахтара уонна фрагменнары салгыы көрдүөхтэрэ.
Онон эрдэ биллэриллибит 17 туочукаттан ити биирэ булулунна.
This post was published on 30.04.2016 18:59 18:59