Хаҥалас улууһугар дьиэ кэргэн экономикатын сайыннарыыга үлэ барар. Оройуон салалтата сылын аайы дьоҥҥо куурусса түҥэтиитигэр көтөр сыанатыгар уонна айанын ороскуотугар 50%-наах чэпчэтии оҥорор.
Быйыл хаҥаластар Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыттан 4000-тан тахса төбө ыллылар.
Күн бүгүн 2500 төбө биирэ 250 солк атыыланна. Билигин өрүс уҥуор уонна соҕуруу сытар нэһилиэктэргэ тириэрдиллэрэ хаалла.
Кууруссаны тириэрдиигэ «Хаҥалас Ас» ТХПК үлэлиир, суруйда «Хаҥалас» хаһыат телеграм-канаалыгар.
This post was published on 01.06.2022 17:01 17:01