Бүгүн сарсыарда бииргэ үөрэммит дьүөгэм батсаабынан Мирнэйгэ хаар үллүктүү түспүт хаартыскаларын ыытан соһуппута. Сотору буолаат, аны Ньурбаттан, Бүлүүттэн «хаардаах» хаартыскалар кэлбиттэрэ. Дьэ, онтон Дьокуускайга хаар түһүө дуо?
Өрөспүүбүлүкэ өрүстэрэ бытааннык да буоллар, муустан босхолонон эрэллэр. Бу күннэргэ күн-дьыл туруга лаппа уларыйда. Мирнэйгэ, Сунтаарга, Ньурбаҕа хаардаата.
Күнү-дьылы билгэлиир сулууспа сабаҕалааһынынан, ыам ыйын 19 – 20 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илин өттүгэр инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр. Өрөспүүбүлүкэ мантан атын улуустарыгар сорох сирдэринэн хаар, ардах, сөкүүндэҕэ 9 – 17 миэтэрэ түргэннээх тыал түһэрин сабаҕалыыллар. Түүҥҥү өттүгэр -4-9 диэри тымныйыаҕа.
Оттон Дьокуускай куоракка ыам ыйын 18 күнүгэр уларыйа сылдьар былыттаныа, түүнүн кыралаан инчэҕэй хаар түһүөҕэ. Тыал соҕуруулуу-арҕааттан түүнүн сөкүүндэҕэ 3-8, күнүһүн 5-10 миэтэрэ, күүһүрэн ылар кэмигэр сөкүүндэҕэ 15 миэтэрэҕэ диэри үрүөҕэ.