Бүгүн, алтынньы 16 күнүгэр Москва чугаһынааҕы Наро-Фоминск куоратыгар Арассыыйа тустууга чөмпүйэнээтэ саҕаланар. Саха сириттэн түөрт ыйааһыҥҥа 11 бөҕөс кыттаары бэлэмнэнэр. Бу туһунан «Спорт Якутии» суруйар.
Саха сирин бөҕөстөрүн састаабыгар:
57 кг:
Георгий Окороков, Михаил Иванов — норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастардара, Петр Константинов, Алексей Копылов – спорт маастардара.
61 кг:
Нюргун Александров – норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, Петр Павлов, Дмитрий Аксенов, Семен Владимиров – спорт маастардара.
70 кг:
Виктор Рассадин – норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, Константин Власов – спорт маастара.
92 кг:
Нюргун Сергин – спорт маастара бааллар.
Күрэхтэһии бырагыраамата (Москва бириэмэтинэн).
Алтынньы 16 күнэ
11.00 — 16.00 — 57,61,65 кг диэри ыйааһыннарга квалификационнай, сүүмэрдиир уонна финал аҥарынааҕы киирсиилэр.
16.00 — 16.30 — 70,74,79 кг диэри сэрэбиэй бырахсыы.
18.00 — 19.30 — 57,61,65 кг диэри финалга киирсиилэр.
19.30 — 20.00 — 57,61,65 кг диэри кыайыылаахтары наҕараадалааһын.
Алтынньы 17 күнэ
11.00 — 16.00 — 70,74,79 кг диэри квалификационнай, сүүмэрдиир уонна финал аҥарынааҕы киирсиилэр.
16.00 — 16.30 — 86,92,97,125 кг диэри сэрэбиэй бырахсыы.
17.30 — 18.00 — Чөмпүйэнээт аһыллыытын сиэрэ-туома
18.00 — 19.30 — 70,74,79 кг диэри түмүктүүр киирсиилэр.
19.30 — 20.00 — 70,74,79 кг диэри кыайыылаахтары наҕараадалааһын.
Алтынньы 18 күнэ
11.00 — 16.00 — 86,92,97,125 кг диэри квалификационнай, сүүмэрдиир уонна финал аҥарынааҕы киирсиилэр.
18.00 — 19.30 — 86,92,97,125 кг диэри ыйааһыннаахтарга түмүктүүр киирсиилэр.
19.30 — 20.00 — 86,92,97,125 кг диэри кыайыылаахтары наҕараадалааһын.
Санатар буоллахха, 27-тэ ыытыллыбыт дойду чөмпүйэнээтигэр саха тустууктара барыта 53, ол иһигэр 12 көмүс, 16 үрүҥ көмүс, 25 боруонса мэтээллэри ылбыттар.
Саамай элбэх ситиһиилээх бөҕөһүнэн спорт үтүөлээх маастара Виктор Лебедев буолар. Кини Арассыыйа чөмпүйэнээтин алта кыһыл көмүс уонна биир үрүҥ көмүс мэтээлин хаһаайына.
Кини кэннэ икки кыһыл көмүс уонна үс боруонса мэтээллэрдээх спорт үтүөлээх маастара, билигин Арассыыйа юниордарга хомуур хамаандатын старшай тренера Петр Юмшанов буолар.
Александр Контоев – түөрт мэтээллээх (көмүс, үрүҥ көмүс, икки боруонса).
Норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Осип Михайлов үс (көмүс, икки үрүҥ көмүс).
Виктор Рассадин икки үрүҥ көмүс, биир боруонса мэтээллэрдээх.
Арыйаан Тютрин — үс боруонса.
Михаил Иванов Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр бастакы мэтээлин 2007 сыллаахха, иккиһин 12 сыл буолан баран, былырыын Сочига ыытыллыбыт чөмпүйэнээккэ ылбыт.
2016 сыллаахха Дьокуускайга ыытыллыбыт күрэххэ 61 кг диэри ыйааһыҥҥа Егор Пономарев (кыһыл көмүс), Виктор Рассадин (үрүҥ көмүс), Ньургун Скрябин уонна Вячеслав Ефремов боруонса мэтээллэри ылары ситиспиттэр.
Быйылгы чөмпүйэнээккэ Виктор Рассадинтан ураты Михаил Иванов уонна Дмитрий Аксенов бэйэлэрин көрдөрүөхтэрин сөп диэн «Спорт Якутии» суруйар.
This post was published on 16.10.2020 13:01 13:01