Сиэрпэлээх өтүйэ ойуулаах уот кыһыл былааҕы солбуйан, Арассыыйа үс (үрүҥ, халлаан күөҕэ уонна кыһыл) өҥнөөх былааҕа 1991 сыллаахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр Москваҕа, Үрүҥ Дьиэ үрдүнэн тэлибирэччи ыйаммыта.
Ити күн РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Суһал ыҥырыылаах сиэссийэтэ бу былааҕы Арассыыйа национальнай былааҕынан билинэр туһунан уурааҕы ылыммыта. Онтон ыла үрүҥ, халлаан күөҕэ уонна кыһыл дьүһүннээх былаах гиэрбэни уонна гимны кытары Арассыыйа саҥа судаарыстыбатын официальнай судаарыстыбаннай символа буолбута.
Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн, 1918 с. муус устарга, Яков Свердлов этии киллэриитинэн, бассабыык былааһа уот кыһыл дьүһүннээх былаахтаммыта. Оттон 1991 сыл атырдьах ыйын 22 күнүгэр Арассыыйа дьокутааттара саҥа Арассыыйа былааҕынан нуучча судаарыстыбатыгар үс үйэ устата аргыс буолбут үс өҥнөөх былааҕы билиммиттэрэ.
Бэрэсидьиэн Борис Ельцин 1994 с. атырдьах ыйын 20 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕынан, атырдьах ыйын 22 күнэ Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн олохтоммута. Итинтэн ыла бу күн сыллата үрдүк таһымҥа бэлиэтэнэр, бүтүн дойду үрдүнэн, хас эрэгийиэн, куорат уонна нэһилиэнньэлээх пууннар ахсын Арассыыйа судаарыстыбаннай символларын суолталарын быһаарар дьаһаллар, патриотическай аахсыйалар, ыччат флешмобтара ыытыллаллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бу дьоһун даататтан туора турбат.