Бүгүҥҥүттэн, муус устар 17 күнүттэн, Алдаҥҥа коронавирус анаалыһын ылар лаборатория үлэлиир. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ вице-премьера Ольга Балабкина эттэ.
Ольга Балабкина эппитинэн, саҥа арыллыбыт Алданнааҕы лабораторияны сэргэ, сабарга былааннаныллыбыт Нерюнгритааҕы лаборатория, тэҥинэн үлэлиэҕэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тестыыр эрэһииминэн лаборатория үлэтэ бэрэбиэркэлэнэр. Хас да сиринэн анаалыһы ылыыны хааччыйар сорук турар.
«12,5 анаалыс оҥоһулунна. Күҥҥэ 1000 анаалыс ылылларын ситиһиэхтээхпит. Элбэх киһиэхэ тест оҥоруохтаахпыт. Барыллаан ыарыы тарҕанар сирин билиэхтээхпит«, — диэтэ кини.
Онон Саха сиригэр Дьокуускайга — 4 уонна биирдии Мииринэйгэ, Нерюнгрига, Алдаҥҥа, Мэҥэ Хаҥаласка баар буолла.
This post was published on 17.04.2020 10:03 10:03