Ааспыт нэдиэлэҕэ Алексей Корнилов бэрэссэдээтэллээх Ил Түмэн Урбааҥҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэтин мунньаҕар СӨ Счетнай балаататын аудитора Прасковья Кычкина 2023 с. отчуоту уонна 2024 с. былааны билиһиннэрдэ, суруйда Саха сирэ саайт.
Кини министиэристибэлэргэ, муниципальнай тэриллиилэргэ үбү-харчыны туттууну, национальнай уонна эрэгийиэннээҕи бырайыактар туолууларын хонтуруоллааһыны, араас кэһии тахсарын сэрэтэр, бэрэбиэркэлиир үлэ түмүгүн иһитиннэрдэ.
Счетнай балаата былырыын 20 хонтуруоллуур уонна 30 эспиэртиир-ырытар тэрээһини ыыппыт. Аудитордар уопсайа 104 088 мөл. солк. үп, ол иһигэр судаарыстыбаннай бүддьүөттэн 102 336 мөл. солк., олохтоох бүддьүөттэн 16 мөл. солк., ону таһынан, атын сиртэн киирэр 1 736 мөл. солк. туохха, хайдах туттуллубутун көрбүттэр.
Хонтуруоллуур тэрээһин түмүгүнэн 2 839,5 мөл. солк. суумалаах 1307 кэһии баара биллибит, ол эбэтэр бэрэбиэркэлэммит үптэн 2,7%.
Харчыны атыҥҥа туттубуттар
Араас кэһии үксүн бүддьүөтү оҥорууга уонна толорууга тахсар эбит, ону харчытыгар таһаардахха, 1375,1 мөл. солк. онтон:
– Бүддьүөт субсидиятын, субвенциятын биэрэргэ уонна туттарга – 222,6 мөл. солк. кэһии.
– Бүддьүөт харчытын тус сыалга буолбакка, атыҥҥа туттуу – 26 мөл. солк.
– Атын кэһии – 804,9 мөл. солк.
Ону таһынан, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай тэрилтэлэр, тэрилтэлэр атыылаһыы (закупка) оҥороллоругар 443,3 мөл. солк. суумаҕа кыайан көммөт кэһиини оҥорбуттар. Буҕаалтар учуотун оҥорорго 8,1 мөл. солк. суумалаах араас кэһии тахсыбыт.
2023 с. ыытыллыбыт хонтуруоллуур тэрээһин түмүгэр көннөрүллүөхтээх кэһии суумата 1 886,5 мөл. солк. тиийдэ. Ол иһигэр 18,6 мөл. солк. үбү төнүннэриэхтээхтэр, федеральнай бүддьүөккэ – 9,7 мөл. солк., өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр – 8,9 мөл. солк.
Үлэнэн 35 мөл. солк. төнүннэриэхтээхтэр, атын ньыманан 33,2 мөл. солк. чөлүгэр түһэриэхтээхтэр.
Счетнай балаата киллэрбит этиитин толорорго 296,2 мөл. солк. суумалаах кэһии туоратыллыбыт, ону бырыһыаныгар таһаардахха, көннөрүллүөхтээх кэһииттэн 15,7% туолбут.
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн 124,9 мөл. солк. (үп 47,9%) төнүннэрбиттэр, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр – 21,1 мөл. солк., оҥоһуллубут үлэнэн – 70,5 мөл. солк., атын ньыманан – 33,2 мөл. чөлүгэр түһэрбиттэр.
Счетнай балаата дуоһунастаах үлэһиттэрэ административнай кэһиигэ 25 дьыаланы көбүппүттэр. Ол түмүгэр 280 тыһ. солк. суумалаах ыстыраап оҥоһуллубут.
Суол хаһаайыстыбатыгар кэһиилэр
Өрөспүүбүлүкэҕэ 2019 с. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах массыына суола» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Суол-иис» диэн эрэгийиэннээҕи бырагыраама үлэлиир.
Суол хаһаайыстыбатыгар өрөспүүбүлүкэ парламенын сорудаҕынан 2 хонтуруоллуур тэрээһин оҥоһуллубут. 2023 с. бу салааҕа 21 574,8 мөл. солк. тус сыалга туттуллубутун бэрэбиэркэлээбиттэр. Аудитордар СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ, судаарыстыбаннай сакаасчыт, СӨ Массыынатын суолун управлениета бүддьүөт харчытын хайдах туттубуттарын көрбүттэр. Ону таһынан, 7 эрэгийиэннээҕи суол хайдах оҥоһуллубутун миэстэтигэр тахсан билсибиттэр.
Ол түмүгүнэн 883,5 мөл. солк. суумалаах 99 кэһии, итэҕэс, кутталлаах быһыы (риски) баара биллибит. Сүрүн кэһии быһыытынан, бүддьүөт харчытын туһата суох туттуу – 74,2 мөл. солк., 412,2 мөл. солк. суумаҕа 44 №-дээх федеральнай сокуону кэһии баара чуолкайдаммыт.
Счетнай балаата СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ уонна СӨ Массыынатын суолун управлениета суол хаһаайыстыбатыгар бүддьүөт үбүн туттарга ситэтэ суох хонтуруоллуур үлэни ыыталларын бэлиэтээбит.
Суол хаһаайыстыбатыгар бэрэбиэркэ түмүгүнэн 4 иһитиннэриини оҥорбуттар, 7 суругу ыыппыттар.
Доруобуйа харыстабылыгар кэһиилэр
Аудитордар СӨ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин уонна 4 алын тэрилтэлэрин бэрэбиэркэлээбиттэр. 423,3 мөл. солк. хайдах, туохха туттуллубутун көрбүттэр. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн 143,2 мөл. солк. суумалаах кэһии баара биллибит, ол иһигэр бүддьүөтү оҥорууга уонна толорууга – 108,2 мөл. солк.
Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай наадаҕа табаары, үлэни уонна өҥөнү атыылаһарга 44 №-дээх федеральнай сокуону тутуһарга 35 мөл. солк. суумалаах кэһии баара бэлиэтэммит.
СӨ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтэ уонна кини тэрилтэлэрэ кэмигэр тиэрдиллибэтэх уонна төлөммөтөх табаар иһин аахсар үлэни ыыппатахтар. Ону таһынан, эми-тому атыылаһарга РФ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин бирикээһинэн олохтоммут дозировкатыгар эппиэттэспэт түгэн тахсыбыт.
Сүрэх-тымыр ыарыылаах, кутталлаах бөлөххө киирэр дьон бэргииллэрин амбулаторнай усулуобуйаҕа сэрэтэргэ, эминэн хааччыйарга чэпчэтиилээх ырысыабы оҥорорго олохтоммут бэрээдэги кэһии баара биллибит.
Доруобуйа харыстабылын салаатыгар хонтуруоллуур тэрээһин түмүгүнэн Ил Дархан Айсен Николаев, СӨ Борокуратууратын аадырыһыгар сурук ыытыллыбыт, ону таһынан, 31 этиилээх 5 иһитиннэрии 2023 с. устата оҥоһуллубут.
Борокуратуураҕа 17 матырыйаалы ыыппыттар
СӨ Счетнай балаататын аудитора Прасковья Кычкина этэринэн, судаарыстыбаттан үбүлэнэр тэрилтэлэри, муниципальнай тэриллиилэри бэрэбиэркэлээһин түмүгүнэн Счетнай балаата 99 иһитиннэриини оҥорбут, 321 суругу суруйбут, СӨ Борокуратууратыгар 17 матырыйаалы ыыппыт. Административнай кэһии туһунан 29 боротокуол толоруллубут, дуоһунастаах дьоҥҥо 19 ирдэбил миэрэтэ ылыныллыбыт.
Кини 2024 с. РФ Счетнай балаататын кытта күүстэрин түмэн, кыттыгас тэрээһин оҥоруохтаахтарын туһунан билиһиннэрдэ. Аудитордар саахалланар туруктаах, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрөргө бүддьүөт харчытын туттууну, итиэннэ өрөспүүбүлүкэ хомунаалынай хаһаайыстыбатын былаан таһынан бэрэбиэркэлиэхтэрэ. Бүддьүөт харчытын тыырар 36 сүрүн биэдэмистибэ үлэтин ырытыахтара.
Үп-харчы кутуллар эрээри, көдьүүһэ суох
Ити курдук, СӨ Счетнай балаататын халыҥ кинигэ саҕа отчуотун истэн, билсэн баран дьокутааттар ыйытыктары биэрдилэр. Ньургуйаана Заморщикова биирдиилээн дьокутаат тустаах тэрилтэни бэрэбиэркэлииргэ сайаапка биэриэн сөбүн туһунан туоһуласта.
Прасковья Кычкина чуолкайдаабытынан, регламент быһыытынан, итинник быһаарыныы сис кэмитиэт мунньаҕар көрүллэрин туһунан эттэ. Быйыл Ил Түмэнтэн 9 сорудах киирбит. Оттон үүнэр сылга тустаах бэрэбиэркэни оҥорор былаан сэтинньигэ бэриллэрин бэлиэтээтэ.
Иван Данилов Счетнай балаата ыытар үлэтин үрдүктүк сыаналыырын этэн баран дьоҕус уонна орто урбааны өйүүргэ, сайыннарарга биир кэлим үлэ ыытыллыбатын хомуруйда, серьеттан тутулуга суох экэниэмиэкэ төһө өлүүлээҕин туоһуласта. Өрөспүүбүлүкэ айылҕа баайын хостооһунтан киирэр үбүнэн олорорун таһынан, атын салаа эмиэ сайдыахтааҕын туһунан санаатын үллэһиннэ.
Прасковья Кычкина урбааны үбүлээһин куруук ыытыллыбатын, харчы көһүннэҕинэ биирдэ кыалларын быһаарда.
Гаврил Парахин доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо табыгастаах эйгэни тэрийэргэ аҕыйаҕа суох үп көрүллэрин, ону хайдах тутталларын токкоолосто. Үөрэх салаатыгар, успуорка көрүллэр харчы хайдах ороскуоттанарын ыйыталаста.
Аудитор 2024 с. нэһилиэнньэ ити араҥатыгар оҥоһуллар үлэ бэрэбиэркэлэниэхтээҕин туһунан сырдатта.
Иван Данилов өрөспүүбүлүкэҕэ успуорт араас хайысхатынан 70 федерация баарын, ону барытын бүддьүөт кыайан үбүлээбэтин биллэрдэ. Дьокутаат успуорт Олимпийскай көрүҥнэрин болҕомтоҕо ылыахтаахпытын, сборнайдары үбүлүөхтээхпитин санатта.
Ньургуйаана Заморщикова нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарарга, чөл олоҕу өрө тутарга успуорт маассаабай көрүҥ буолуохтааҕын туһунан санаатын эттэ. Кини успуорт сорох көрүҥнэригэр үтүмэн үп-харчы кутуллар эрээри, көдьүүһэ суоҕун бэлиэтээтэ.
Сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Алексей Корнилов Счетнай балаата бэрэбиэркэлиир тэрээһиннэригэр Дьокуускай куорат хабыллыбытын-суоҕун туоһуласта. Прасковья Кычкина үп көрүллүбүт түгэнигэр бэрэбиэркэ булгуччу ыытылларын эттэ. Бүддьүөт харчыта хайдах туттуллубутун интэриэһиргиир дьон Счетнай балаата саайтыгар киирэн билсиэхтэрин сөп.
Хаартыска: Василий Кононов, СИА, Якутия.Инфо