Саха Сиригэр урбаан эйгэтигэр үлэлии сылдьыбыт дуоһунастаах дьоҥҥо ааспыт нэдиэлэҕэ айдааннаах суут уурааҕа таҕыста. Үрдүк сололоох салайааччылар уларыйбыттарын үрдүнэн, СӨ Счетнай балаататын аудитора Прасковья Кычкина урбаанньыттарга чэпчэтиилээх сойуом биэриигэ син биир үгүс-үтүмэн кэһии баарын туһунан иһитиннэрдэ.
Ол туһунан кини сэтинньи 17 күнүгэр Ил Түмэн урбааҥҥа уонна туризмҥа бастайааннай кэмитиэтин мунньаҕар СӨ Урбааны сайыннарыыга пуонда 2022 с. үлэтин ырытыы кэмигэр билиһиннэрдэ. Аудитор сааҥсыйа кэмигэр пуонда нөҥүө судаарыстыбаттан урбаанньыттарга оҥоһуллар көмө хайдах тыырыллыбытын хасыһан көрдөххө, 65,9 мөл. солк. бүддьүөт харчыта тус сыалга туттуллубатах кутталлааҕын бэлиэтээтэ.
177 мөл. солк. уорбуттар
Санатан эттэххэ, СӨ Урбааны сайыннарыыга пуонда урукку салайааччыта Татьяна Коломицына 177 мөл. солк. бүддьүөт харчытын уоран, 2023 с. сэтинньи 15 күнүгэр суут уурааҕа тахсан, көҥүлүн 14 сылга быстылар уонна 3 мөл. солк. ыстарааптаатылар.
Татьяна Коломицына бииргэ үлэлиир чугас дьонун кытта 2017-2020 сылларга сымыйа докумуону оҥорон, урбааҥҥа сыһыана суох дьон аатыгар уопсайа 177 мөл. солк. суумалаах 66 сойуому, төннөрүллүбэт судаарыстыбаннай субсидияны биэрбиттэр. Ол харчыны кэлин устан ылан, бэйэлэрин баҕаларынан туттубуттар. Дьокуускай куорат суутун уурааҕа сокуоннай күүһүн өссө ыла илик, онон хаттаан көрүллүөн сөп.
Дьиҥэр, Татьяна Коломицынаҕа холуобунай дьыала 2020 с. балаҕан ыйыгар көбүтүллүбүтэ, сэлиэстийэ кэнниттэн суукка 2022 с. муус устарыгар бэриллибитэ. Үс сыл тухары урбаан миниистирэ, пуонда салайааччыта уларыйдылар эрээри, Счетнай балаата син биир үгүс итэҕэһи-быһаҕаһы булла.
Резервнэй пуондаттан — 669 мөл. солк.
Арҕаа дойдулар сааҥсыйа биллэрбиттэригэр, 2022 с. өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай суолталаах табаары хааччыйарга, сыана үрдүүрүн тохтоторго урбаанньыттарга чэпчэтиилээх сойуом, мэктиэ биэрэргэ СӨ резервнэй пуондатыттан эбии 669 мөл. солк. көрүллүбүтэ.
Ити көрүллүбүт үптэн дьоҕус уонна орто урбаан 169 субъектарыгар 519 мөл. солк. суумалаах чэпчэтиилээх сойуом, итиэннэ 166 урбаан бэрэстэбиитэллэригэр 150 мөл. солк. суумалаах судаарыстыбаннай мэктиэ бэриллибитэ.
Чэпчэтиилээх сойуому үксүн атыынан-эргиэнинэн дьарыктанар дьон, обработка, тутуу салаатын үлэһиттэрэ ылбыттара. Кинилэр 45% Дьокуускайга үлэлииллэр, 7,7% — хоту, Аартыка улуустарыгар табаары тиэйэллэр, 6,5% — өрөспүүбүлүкэ атын куораттарыгар бааллар.
Урбаанньыттарга сойуом ким тугунан дьарыктанарыттан көрөн, намтатыллыбыт ыстаапканан 3,75% — 14% бэриллибит. Киин Баан сүрүн ыстаапката быдан үрдүк 7,5% — 20% тиийэ сылдьыбыта.
Счетнай балаата кэккэ кэһиилэри булла
«СӨ Урбаанын министиэристибэтэ субсидия биэрии бэрээдэгин олохтууругар бүддьүөт сокуонугар кэккэ кэһиилэри оҥорбут, онтон өйдөммөт түгэн үөскүүр. Холобур, субсидия ылааччы — кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ. Оттон балаһыанньаҕа кирэдьиит биэрэр тэрилтэ диэн суруллубут.
Кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр судаарыстыбаннай реестрга киирэллэрин туһунан ирдэбил суох, ол федеральнай сокуону кэһии буолар. Нормативнай-правовой аакталарга эмиэ элбэх сөп түбэспэт түгэн баар.
Бүддьүөт ассигнованиетын ыларга таба ааҕан таһаарыы олохтоохтук оҥоһуллуохтаах, ону 619 мөл. солк. – 300 мөл. солк. сойуом туохха бэриллэрин ааҕан-суоттаан биэрбэтилэр.
Урбаан министиэристибэтэ субсидия биэрэргэ толору докумуон хомуйуохтаах, ол туһунан биллэрии сайтка тахсыахтаах. Министиэристибэ субсидия биэрии бэрээдэгин бэйэтэ олохтуур уонна ону кэһэрэ билиннэ. Субсидия биэрэргэ СӨ Урбаанын министиэристибэтэ урбааны сайыннарыыга пуонданы кытта сөбүлэһии түһэрсибит. Ол сөбүлэһиигэ булгуччу ыйыллыахтаах усулуобуйа киирбэтэҕинэн сибээстээн, дьиҥэ суоҕунан ааҕыллыан сөп.
Пуонда дьоҕус уонна орто урбаан 3 субъектарыгар 11 мөл. солк. суумалаах сойуом биэрбит, кинилэр субсидия биэрэр ирдэбилгэ эппиэттээбэттэр. Чуолаан, урбаанньыттар өрөспүүбүлүкэ иһигэр регистрациялаах уонна манна үлэлиир буолуохтаахтар. Докумуоннарын көрдөххө, Москва уонна Новосибирскай уобалас олохтоохторугар сойуом бэриллибит. Онон нолуокпут атын сиргэ барар», — диэн иһитиннэрдэ СӨ Счетнай балаататын аудитора Прасковья Кычкина.
Тус сыалга туттуллубатах?
Кини этэринэн, пуонда ОКВЭД өттүнэн эмиэ сөп түбэспэт урбаанньыттарга сойуом биэрбит. Аудитор уопсайа 65,9 мөл. солк. суумалаах бүддьүөт харчыта тус сыалга туттуллубатах кутталлааҕын бэлиэтээтэ.
Урбаанньыттарга бэриллэр судаарыстыбаннай көмө, чэпчэтиилээх сойуом төһө көдьүүстээҕин тустаах министиэристибэ, пуонда сыаналаабата этилиннэ. 2022 с. ас-таҥас, өҥө сыаната 2021 с. кытта тэҥнээн көрдөххө, 14,7% үрдээтэ.
Маннык уустук кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар социальнай суолталаах табаары хааччыйарга, сыана үрдүүрүн тохтоторго СӨ резервнэй пуондата былырыын 669 мөл. солк. көрбүт. Урбаанньыттар чэпчэтиилээх сойуом ылан, сыаналарын санаатахтарын аайы үрдэтэн, дохуоттара хас да бүк эбилиннэ. Судаарыстыба көмөтүнэн туһаммыт атыыһыттар, хомойуох иһин, бэйэлэрин барыстарын эрэ көрүнэллэр, ким даҕаны сыана үрдүүрүн тохтоппото.
Чэпчэтиилээх сойуомҥа тиксибэттэр
Прасковья Кычкина отчуотун истэн баран норуодунай дьокутаат Владимир Федоров урбааны бытарытыы бара турарын, сорохтор тэрилтэлэрин сабан баран, бэйэ дьарыктаах буолан, быдан кыра нолуогу төлүүллэрин эттэ. Ил Түмэн дьокутаата Ньургуйаана Заморщикова СӨ урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирин солбуйааччы Максим Карбушев урут уонна билигин Кэтээн көрөр сүбэ чилиэнэ буоларын бэлиэтээтэ.
«Кэтээн көрөр сүбэ урбаан эйгэтигэр туох буола турарын ама хайдах билиэ суоҕай? Итинник сокуону кэһии тахсыбытын кэннэ сүбэ чилиэннэрин тоҕо уларыппаттарый?», — диэн ыйыталаста. Кини олохтоох урбаанньыттар 3-4 сайаапка биэрэллэр даҕаны, чэпчэтиилээх сойуомҥа тиксибэккэ хаалалларын, ол оннугар судаарыстыбаннай көмө харчыта атын сиргэ, Москваҕа, Новосибирскайга барарын эттэ.
Онуоха Урбаан министиэристибэтиттэн сүбэ чилиэннэрин саҥардыы тиһигин быспакка ыытылларын туһунан хоруйдаатылар. Оттон урбаанньыттар Дьокуускайга, Мииринэйгэ ас-үөл атыылыыр улахан маҕаһыыннаахтар эрээри, Москваҕа, Новосибирскайга регистрациялаахтарын быһаардылар. Кинилэр сойуомнарын сабан бүтэрбиттэрин, сорохтор сыл бүтүөр диэри сабыахтаахтарын эттилэр.
Маны таһынан, мунньахха Ил Түмэн урбааҥҥа уонна туризмҥа бастайааннай кэмитиэтин иһинэн киирэр эспиэртэр кандидатураларын: Александр Ариносовы, Татьяна Бравинаны, Ирина Котенконы, Сардаана Платонованы, Татьяна Тымырованы көрдүлэр.
Дьокутаат Владимир Федоров урбаан боппуруостарын аҕыйах киһи быһаарыа суохтааҕын, испииһэги кэҥэтэр оруннааҕын туһунан эттэ.
Салгыы элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тастарыгар итирдэр утаҕы атыылыыр бириэмэни хааччахтааһыны субъект бэйэтэ быһаарарын туһунан федеральнай сокуон барылын көрдүлэр.
Нолуок үрдээһинин тохтоторго
Түмүккэ урбаанньыттары саамай долгутар боппуруоска, УСН судургутуллубут нолуок ыстаапкатын үрдэппэккэ 2,7% оннунан хаалларарга этии киллэрдилэр. Владимир Федоров миэстэтиттэн ойон туран: “Ыстаапканы үрдэтэн, урбаантан эбии харчы ыга үктээн ыла сатыыллар. Биһиги бэйэбит туспутугар кыһаллыбаппыт. Нолуогу төлөөччү — нэһилиэнньэ. Онон мораторий киллэрэн, УСН нолуок ыстаапкатын үрдэтиини кэлэр 3 сылга тохтоторго!», — диэн ыҥырда.
Урбаан эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар дьокутааттар этэллэринэн, нолуогу үрдэттэххэ, бүддьүөккэ киирэр харчы быыкаай, оттон сыана ыараатаҕына дьон өрө күүрүүтэ элбиэн сөп. Итиниэхэ олоҕуран, УСН нолуогу үрдэтэри бопсорго төгүрүк остуол тэрийэн, Ил Дархаҥҥа сурук суруйан, уопсастыбаннаһы уһугуннарарга Владимир Федоров төлөннөөх тыл эттэ.
Хомойуох иһин, урбаанньыттар нолуок ыстаапкатын үрдэтээри гыннахха, сугулаан тарда сатыыллар, оттон сыананы санаатахтарын аайы көтөҕөллөр. Өскөтүн УСН ыстаапкатын үс сылга оннунан хаалларар түгэннэригэр, кэлэр сылларга сыананы үрдэтэллэрин бопсор оруннаах.
Ааптар: Марианна Тартыкова, https://sakhaparliament.ru
This post was published on 27.11.2023 17:01 17:01